Биһиэхэ күннэтэ араас хайысхалаах сонуннары биир бастакынан кимнээх тириэрдэллэрий? Биллэн туран, суруналыыстар.
Биһиги, сыспай сиэллээх, хороҕор муостаах, кыыл табалаах, хайалардаах хоту дойдубутугар Кустуур орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ оскуолаттан саҕалаан бу хайысханан дьоҕурбутун дьарыктыыр, сайыннарар кыахтанныбыт.
Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһатын кытта Сөбүлэҥ түһэрсэммит, 2023 сыл олунньу ыйтан «Биракчаан» медиа-кииммитин сөргүтэн, үлэбитин саҕалаабыппыт. Сыл устата юнкордар медиа-киин сайдарын туһугар элбэх үлэни үлэлээтибит. Ону тэҥэ элбэххэ үөрэннибит. Нэһилиэк, улуус , өрөспүүбүлүкэ олохтоохторугар төрөөбүт төрүт дойдубут, оскуолабыт сонуннарын күннэтэ сырдаттыбыт, араас тиэмэлээх видео контент уһулан уопуппутун хаҥаттыбыт. https://vk.com/wall-199463452_16797
Учууталларбытын кытта оҕолор – икки араас көлүөнэ – бэйэ-бэйэбитин өйдөһөн, биир ииллээх хамаанда буоламмыт, күннэтэ сырыылаах үлэбитин тохтоппокко, саҥаны-сонуну айабыт-тутабыт, иннибит диэки эрэллээхтик хардылыыбыт.
«Биракчаан» медиа-киин үөрэнээччилэрэ,
Кустуур орто оскуолата, Эбээн Бытантай.
Салайааччы В.И. Захарова