Бу нэдиэлэҕэ Мэҥэ-Хаҥалас улууhун Бэдьимэ орто оскуолатыгар «Дьөһүөл» бырайыак чэрчитинэн «Ким доҕордоох — ол дьоллоох» диэн активтар нэдиэлэлэрэ буола турар.
Билиҥҥи кэмҥэ дойдуга баар ковид ыарыыны тохтотор сыаллаах биир куну медицинскэй мааскаҕа анаатыбыт. Оҕолор мааскаларын киэргэтэн, тупсаран, сиэдэрэйдик көстөр гына оҥостон кэлэн сэргэхсийии буолла!
Оҕолор харыстаныы туhунан өссө төгүл өйдөөтүлэр, тугу барытын сиэдэрэйдик киэргэтиэххэ сөбүн биллилэр!
Бэлэм маасканы уруhуйунан киэргэтиигэ бастыҥнарынан буоллулар Андреева Сандара, Сергеева Лера, Готовцева Анжела, Аргунова Диана, Яковлева Сусанна.
Онтон атын матырыйаалтан сонун мааскаҕа Афанасьев Амин, Эвелина, Арина, Богдан Семёновтар, Хосият Косимова, Айтал, Сардана Ивановтар, Айысхана, Нарыйана Плюктар, Аристарх Данилов, Арсен Плотников уо д.а.
Учууталлартан Неустроева Галина Егоровна мааската тэҥнээҕин булбата.