“Кэскил”-“Бэлэм буол” хаһыат 85 сылыгар аналлаах Мэҥэ Хаҥалас улууһун эдэр кэрэспэдьиэннэрин сүлүөтттэрэ үөрүүлээхтик ыытылынна. Манна тоҕус хамаанда кыттыыны ылла. Оҕолор элбэх саҥаны билбиттэр, сонун сатабыллары баһылаабыттар.
Сүлүөтү Амма Аччыгыйын аатынан “Кэскил” оҕо бэчээтин өрөспүүбүлүкэтээҕи кыһата, Мэҥэ Хаҥалас улууһун үөрэҕин салаата, В.П. Ларионов аатынан Майа орто оскуолата уонна “Мэҥэбил” эдкорпост тэрийдилэр.
Сүлүөт Zoom ситим нөҥүө буолла. Майа оскуолатын үөрэнээччилэрэ сүлүөтү үөрүүлээх аһыллыытыгар хомус тыаһынан “Чугдаар” оҕо фольклорнай ансаамбыла олус таһымнаахтык саҕалаатылар. Ол кэннэ үҥкүүнэн “Тускул” бөлөҕө киэргэттэ. Үөрэнээччилэр сүлүөккэ олус эппиэтинэстээхтик бэлэмнэммиттэр.
Светлана Кимовна Игнатьева, В.П. Ларионов аатынан Майа орто оскуолатын дириэктэрэ:
— Хаһыаты ааҕар оҕо билиитэ-көрүүтэ сайдар, тыла-өһө, суруйара, уопсай культурата үрдүүр. Бэйэҕит эмиэ суруйарга холонон көрүөххүтүн сөп, тугу сөбүлүүргүтүн, оскуолаҕыт, бөһүөлэкпит олоҕуттан, баҕа санааларгытын, хоһоон, кэпсээн… Хаһыат ыытар араас күрэхтэригэр кыттыаххытын сөп. Суруйаргытыгар мунаарар буоллаххытына учууталлартан, библиотекардартан сүбэлэтиэххитин сөп, үөрэ-көтө көмөлөһүөхтэрэ дии саныыбын.
Ольга Ивановна Семенова, Амма Аччыгыйын аатынан “Кэскил” оҕо бэчээтин дириэктэрэ:
— Оҕо-аймах таптаан ааҕар хаһыата «Кэскил» оҕолору сырдыкка, билиигэ-көрүүгэ сирдиир. «Кэскили» ааҕар үөрэнээччи олоҕу кытта тэҥҥэ хардылыыр, үүнэр-сайдар. Онон биһиги таһаарар “Кэскил” хаһыакка, “Юность Севера” сурунаалга суруйтарыҥ, ааҕыҥ диэн ыҥырабын. Маннык хаһыат, сурунаал Сибиир, Уһук Илин эригийиэннэригэр суох.
Күн устата оҕолор суруналыыстыка тиэмэтигэр сыһыаннаах визитканан кыттан уонна пресс кииннэрин туһунан үлэлэрин көмүскээн күрэхтэстилэр.
“Кэскил” хаһыат эппиэтинэстээх редактора Вера Петрова, суруналыыстар Мария Захарова уонна Павел Ильин суруналыыстыка идэтигэр эдэр кэрэспэдьиэннэргэ суруналыыстыка ньымаларыгар, албастарыгар, жанрдарыгар үөрэтэр маастар кылаастар ыыппыттара. Оҕолор элбэххэ үөрэнэн, билбэттэрин билэн, мунаарар боппуруостарыгар эппиэттэри ылан олус астынан тарҕаспыттара. Сүлүөппүт барыта биир тыынынан, олус түргэнник, көхтөөхтүк ааспыта. Бииртэн биир араас түһүмэхтэр ыытыллыбыттара.
Ону таһынан уопуттаах суруналыыс Иевлева Анисия Михайловна аныгы үйэ оҕолоругар олус наадалаах, дойдуга тапталы иҥэрэр, Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойун 100 сылыгар аналлаах Ф.К. Попов “Герой диэн кимий?” ток-шоу ыытта.
Сүлүөт олус үчүгэйдик, оҕолорго туһалаахтык ааста. Ол курдук, Катя Черкашина-ЧКРШ, «Мэҥэбил» юнкорпост выпускнига Андрей Антонов уонна ырыаһыт Эрхаан Zoom нөҥүө кэлэн ыалдьыттаан, оҕолор ыйытыыларыгар эппиэттээн олус көхтөхтүк кытыннылар.
Түмүктэр:
Сүлүөккэ кыттыбыт эдэр кэрэспэдьиэннэр бары сертификат туттулар;
“Оскуолам 10 уратыта” куонкурус:
1 миэстэ — “Кустук” телестудия, Мэҥэ Хаҥалас улууһун К. Алексеев аатынан Хаптаҕай орто оскуолата, салайааччы — Нина Николаевна Яковлева.
2 миэстэ — “Кыымчаан” эдкорпост, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Табаҕа орто оскуолата, салайааччы — Татьяна Анатольевна Брызгалова.
“Үктэл” эдкорпост, Мэҥэ Хаҥалас улууһун А.В. Чугунов Мэлдьэхси орто оскуолата, салайааччы — Туяра Алексеевна Игнатьева.
“Куорсун” эдкорпост, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Е.Д. Кычкин Матта орто оскуолата, салайааччы — Анжелика Николаевна Ченянова.
3 миэстэ — “Охлопков news” пресс киин, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Ф.Г. Охлопков аатынан оскуолата, салайааччы — Виктория Дмитриевна Шестакова.
“Мэҥэбил” эдкорпост, Мэҥэ Хаҥалас улууһун В.П. Ларионов Майа орто оскуолата, салайааччы — Изабелла Яковлевна Романова.
“Проба пера” эдкорпост, Мэҥэ Хаҥалас улууһун С.Н. Михайлов аатынан Чыамайыкы орто оскуолата, салайааччы — Саргылаана Егоровна Прокопьева.
Бирииһэ: Арсен Томскай “InDriver: От Якутска до Кремниевой долины” кинигэтэ.
“Визитка” куонкуруһа
1 миэстэ — “Мэҥэбил” эдкорпост, Мэҥэ Хаҥалас улууһун В.П. Ларионов Майа орто оскуолата, салайааччы — Изабелла Яковлевна Романова.
Бирииһэ: DEXP наушник, Goodram 8 гб флеш-карта.
2 миэстэ — “Проба пера” эдкорпост, Мэҥэ Хаҥалас улууһун С.Н. Михайлов аатынан Чыамайыкы орто оскуолата, салайааччы — Саргылаана Егоровна Прокопьева.
3 миэстэ — “Кустук” телестудия, Мэҥэ Хаҥалас улууһун К. Алексеев аатынан Хаптаҕай орто оскуолата, салайааччы — Нина Николаевна Яковлева.
Бирииһэ: Арсен Томскай “InDriver: От Якутска до Кремниевой долины” кинигэтэ.
Гран-при
“Мэҥэбил” эдкорпост, Мэҥэ Хаҥалас улууһун В.П. Ларионов Майа орто оскуолата, салайааччы — Изабелла Яковлевна Романова.
“Кэскил”-“Бэлэм буол” хаһыат 85 сылыгар аналлаах Мэҥэ Хаҥалас улууһун эдэр кэрэспэдьиэннэрин сүлүөтүгэр бастыҥ эдкорпост аатын сүгэн, көһө сылдьар Кубогынан уонна Дьокуускайдааҕы “Сосновай бор” оҕо сынньалаҥ, чэбдигирэр киинин 2021 с. бэс ыйын 15 — от ыйын 5 күнүнээҕи симиэнэтигэр 5 путевканан наҕараадаланнылар.
“Юнкор — генератор идей”
1 миэстэ — “Проба пера” эдкорпост, Мэҥэ Хаҥалас улууһун С.Н. Михайлов аатынан Чыамайыкы орто оскуолата, салайааччы — Саргылаана Егоровна Прокопьева.
Бирииһэ: Canyon веб-камера, Goodram 8 гб флеш-карта.
2 миэстэ — “Охлопков news” пресс киин, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Ф.Г. Охлопков аатынан оскуолата, салайааччы — Виктория Дмитриевна Шестакова.
3 миэстэ — “NBestnews” пресс киин, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Бэстээх 2 №-дээх орто оскуолата, салайааччы — Анна Серафимовна Гоголева.
“Мэҥэбил” эдкорпост, Мэҥэ Хаҥалас улууһун В.П. Ларионов Майа орто оскуолата, салайааччы — Изабелла Яковлевна Романова.
Бирииһэ: Арсен Томскай “InDriver: От Якутска до Кремниевой долины” кинигэтэ.
Мэҥэ Хаҥалас улууһуттан саҥа саҕалыыр коллегаларбыт манна сылдьан элбэххэ үөрэннилэр, инникитин күүскэ үлэлэһиэхтэрэ диэн эрэнэбит.
Оскуола салалтатын өттүттэн тэрээһиҥҥэ кыһаллан үрдүк таһымнаахтык ыыттылар. Үөрэнээччилэр «Кэскил» хаһыакка интэриэстээхтэрин бэлиэтээтиэххэ сөп. Онон оҕолоор, “Кэскили” ааҕыҥ, доҕор-атас оҥостуҥ!
Дьэ, ити курдук, бу сүлүөттэн элбэҕи көрдүбүт-биллибит, бириэмэни туһалаахтык атаардыбыт, уопут ыллыбыт. Ол барыта инникибитигэр туһалаах буолуо диэн эрэнэбит. Сорох оҕолор маннык сүлүөккэ маҥнайгытын сылдьыбыттара буолуо.
“«Кэскил» үлэһиттэригэр барҕа махтал, үлэҕитигэр ситиһиилэри! Өссө да маннык үчүгэй тэрээһиннэргэ ыҥыра туруҥ!”, — диэн Мэҥэ Хаҥалас улууһуттан махтал тыллары эттилэр.
Павел Ильин.