Соторутааҕыта Мэҥэ Хаҥалас Табаҕа нэһилиэгэр кондитерскай сыах аһылынна. Бу сонуну бары астына көрүстүбүт. Тоҕо диэтэххэ, биир да дьиэтээҕи бырааһынньык, оҕо төрөөбүт күнэ минньигэс аһа суох буолбат. «Кыымчаан” эдкорпост эдэр суруналыыһа Арина Тарасова бу сыах үлэтин кытта билсистэ, үлэһиттэриттэн интервью ылла.
— Кондитерскай сыаҕы арыйар туһунан хаһааҥҥыттан былааннаммыккыный?
— Туортары уруккуттан оҥоробун. Онон бастаан дьиэбэр оҥорон атыылыыр этим. Ол эрээри дьиэҕэ табыгаһа суох, кыараҕас, санитарнай да өттүнэн эппиэттэспэт буолан уонна кэҥэттээри сыах арыйарга сананным. Уопсайынан, бурдук астары астыырым – уруккаттан сөбүлүүр дьарыгым. Уонна бу сыаҕы үлэлээх буолаары тэрийсибитим.
— Сыаххытыгар ханнык ас арааһа билигин атыыланарый?
— Бурдук астар: пирожнай арааһа, кыра, улахан туортар (сакалаат, кыһыл, маҥан баархат, бисквит, мүөт, моркуоп састааптаах, «Сникерс”, “Птичье молоко”), маны таһынан өссө быартан туорт, пицца, бэрэски арааһа.
— Сыахха билигин хаһыа буолан үлэлиигитий?
— Билигин биһиги үс кыыс буолан, үлэлии-хамсыы сылдьабыт.
— Үлэҕитигэр туох ыарахаттары көрсөҕүт?
— Бастакынан, астаабыт аспытын батарыы өттүгэр ыарырҕатабыт. Билигин объёммут кыра, элбээтэҕинэ, үчүгэй буолуо этэ. Иккиһинэн, бурдук аһы астыыр — олус сылаалаах үлэ. Саҥа дьарыктанан эрэбит, барытын саҥа саҕалыыр буолан, үөрэнэ сылдьабыт, билбэппит–көрбөппүт да баар.
— Саамай аҕыйах уонна саамай элбэх бириэмэни ылар астар ханныктарый?
— Саамай аҕыйах бириэмэ бурдук астарга, духуопкаҕа буһар бурдук астарга барар, тиэстэтин оҥордуҥ даҕаны, түргэнник буһа охсоллор. Элбэх бириэмэ дьон сакаастыыр туортарыгар барар.
— Сыаххытыгар дьон төһө сылдьарый, ордук ханнык астары сөбүлээн ылалларый?
— Дьон ордук «выпечканы», кыра туортары ылар. Сыаналара чэпчэки буолан.
Бородууктаны хантан ылаҕытый, атыылаһаҕытый?
— Барытын куораттан ыла сатыыбыт. Аспыт састааба барыта “натуральнай”, туох да химията суох, хаачыстыбалаах, сибиэһэй.
— Күҥҥэ хас чаас үлэлиигитий?
— Билигин хаска бүтэрбитинэн, араас буолар. Инникитин бириэмэбитин сааһыланыахпыт. Күн аайы үлэлиибит.
— Инникитин туох былаан баарый?
— Биһиги инникитин кэҥиир, улаатар, аспыт арааһын элбэтэр, саҥаттан саҥа сонун астары оҥорон таһаарар былааннаахпыт.
Итинник, Табаҕатааҕы кондитерскай сыах эдэр кэллэктиибэ инникигэ эрэллээх, үлэлиир баҕалаах, элбэх былааннардаах. Кинилэргэ элбэх ситиһиилэри баҕарабын, минньигэс астарынан дьону-сэргэни үөрдэ-көтүтэ турдуннар!