Оскуолабытыгар хаһыс да сылын улуустааҕы “Кэрэли” киин, “Уолан” куруһуога олус таһаарыылаахтык үлэлиирин төрөппүттэр да оҕолор да бары сэргииллэр.
Салаайааччынан Павел Михайлович Васильев үлэлиир. Кини кыра эрдэҕиттэн Хаптаҕайын кэрэ айылҕатыгар бултаан, сир астаан, оттоон-мастаан, уһанан, спорт да өттүгэр кэккэ ситиһиилэрдээҕинэн биллэр. Онно барытыгар аҕатын Михаил Степановиһы кытары тэҥҥэ сылдьан, киниттэн ылбыт сатабылларын иҥэринэн, билигин бэйэтэ аҕа, учуутал буолан олорон, күннээҕи олоҕор, үлэтигэр-хамнаһыгар сатабыллаахтык туһанар.
Ол биир туоһутунан кини салайар уолаттарын куруһуога буолар. Манна үгүс уол сөбүлээн дьарыктанар. Куруһуокка уолаттар эр киһи сатабылларыгар толору үөрэнэллэр, эттэринэн-хааннарынан ылынан, бултаан-алтаан, балыктаан, уһанан, оннооҕор бултаабыт астарын астаан, харахтыын сырдаан, кэпсээн-ипсээн бөҕө буолан дьиэлэригэр кэлэллэр. Павел Михайлович бэйэтэ байанайдаах булчут буолан, уолаттар бултуу бардахтарына, өрүү дьонноругар өттүк харалаах, илии тутуурдаах кэлээччилэр. Ийэлэр үөрүүлэриттэн көмүс хатырыктаахтарын арыыга сырдьыгыната охсон, ол киэһэ дьиэ кэргэн кыракый булчут аҕалбыт кэһиитин бары үөрэ-көтө амсайаллара бу уолаттарга, эр киһи былыр-былыргыттан булааччы-талааччы буолар диэн өйдөбүлү хаалларара саарбаҕа суох.
Уоланнар балыктыылларын, куйуурдуулларын таһынан өссө туһах иитээччилэр. Күһүн куобах тутаннар бу үөрбүттэрин көрүҥ. Онтуктарын учууталларын кытары бииргэ астаан, мииннэригэр сахалыы лапса оҥорон үөрэ-көтө түбүгүрэ аҕай сылдьаллара. Идэһэ саҕана күһүөрү сылгыны хайдах астыырга көрөн, тэҥҥэ көмөлөһөн элбэҕи билбиттэр этэ.
Онтон бу соторутааҕыта айылҕаҕа тахсан, кус туһунан сэһэргэһэ таарыйа куһу хайдах үргүүргэ, астыырга үөрэммиттэрэ.
Саха эр киһитин үгэһинэн “Уоланнар” айылҕалыын алтыһалларын таһынан күннээҕи үөрэх бириэмэтигэр маһынан, муоһунан уһанарга холоноллор. Агрооскуола буоламмыт тэпилииссэҕэ, оҕуруокка туһаныллар хопполору, долбуурдары уонна да атын дьоҕус маллары оҥороллор. Ол быыһыгар ийэлэригэр күннэтэ туттар ас астыыр дуоскалары, лопаткалары оҥорон, ийэлэр бырааһынньыктарыгар муоһунан кыһан бэлэх оҥорооччулар.
Павел Михайлович бу курдук, бэйэтэ холобур буолан уолаттарын бэйэтин кытары батыһыннара сылдьан эр киһи сатабылларыгар кыра эрдэхтэриттэн сыһыартаан үөрэтэ, үлэлии-хамсыы сылдьар.
Карина Васильева,
Х кылаас үөрэнээччитэ,
”Кустук” студия иитиллээччитэ.