Олунньу 16 күнүгэр Аллара Бэстээххэ «Учитель года» уонна «Молодой Педагог» күрэх чэрчитинэн ыытыллыбыт «Кэскил» хаһыат үлэһиттэрэ ыыппыт семинардарыгар сырыттым. Манна Мэҥэ-Хаҥалас улууһун медиаоскуолаларыттан биирдии оҕо уонна салайааччы кэлбиттэрэ.
Бастатан туран, сарсыарда өттүгэр үөрэнээччилэргэ уонна салайааччыларга аналлаах семинар-үөрэх буолла, заметканы суруйарга, видеону уһуларга уонна элбэх сүбэни биэрдилэр. Эбиэттэн киэһэ оҕолору мунньан, тиэмэни арыйарга, интервью ыларга, видео уһуларга, ыйытыы толкуйдуурга үөрэттилэр.
Оҕолор «Молодой педагог» куонкурус кыттыылаахтарыгар ыйытыылары толкуйдаатыбыт. Үс саамай үчүгэй, интэриэһинэй ыйытыылары талбыппыт. Салгыы бу ыйытыылары биэрэр 3 оҕону талбыттара, олор истэригэр мин киирэн, ыйытыы биэрэр чиэскэ тиксибитим.
Пресс-кэмпириэнсийэҕэ 5 эдэр учуутал тахсыбыттара. Кинилэр сэттэ ыйытыыга хоруйдуохтаахтар. Мин ыйытыым: «Киһи олоҕун устата учуутал оруолун толорор, тугу эрэ үөрэтэр, саҥаны-сонуну кэпсиир. Эһиги санааҕытыгар, бу киһи оскуола учууталын солбуйуон сөп дуо?»/ Может ли любой человек заменить школьного учителя?/
Хоруйдар маннык буоллулар:
- Ол киһи учуутал буоллаҕына солбуйуон сөп; —
- Кинини үөрэттэххэ, хайдах, тугу үөрэтиэхтээҕин бэлэмнээн, көрдөрөн биэрдэххэ аҕыйах күн солбуйуон сөп, ол эрээри нэдиэлэ, ый, сыл солбуйара саарбах;
- Учуутал диэн «Призвание», кинини солбуйар уустук буолуо диэтилэр.
Майа оскуолатын учуутала Иннокентий Кондаков интервьюта
«Молодой педагог» күрэх кыттыылааҕыттан В.П. Ларионов аатынан Майа орто оскуолатын история, общество учууталыттан Кондаков Иннокентий Владимировичтан интервью ыллыбыт:
— Үтүө күнүнэн! Бу күрэх финалыгар киирбиккитинэн эҕэрдэлиибит! Бу күрэх туһунан санааҕыт.
— Бу күрэхпитигэр туох сорудаҕын биэрэллэрин эрдэттэн билбэккин. Уруоккар эрэ бэлэмнэнэн кэлэҕин, ол иһин. бастатан туран, бу күрэх учуутал билиитин, сатабылын таһымын көрдөрөр, бэйэтин предметын төһө үчүгэйдик билэрин, үөрэх бырагыраамата уларыйыытын билэрин бэрэбиэркэлиир дии саныыбын.
— Кыттааччылар хайдах кытыннылар диэн санаатыҥ?
— Мин элбэх кыттааччыны кытта билсэбин, бииргэ элбэхтэ үлэлээбиппит, сорохтору кытта бииргэ устудьуоннаабыппыт, табаарыстаһабыт. Бу күрэххэ кэлэн, бэйэ бэйэбититтэн элбэххэ үөрэннибит. Кыттааччылар бары кыахтаахтар, туспа уратылаахтар уонна атын-атын ньымалаахтар.
— Учуутал үлэтин хайдах рекламалыа этигиний?
— Учуутал буоллаххына, оҕолору кытта тэҥ буолаҕын, бэйэҕин эдэр курдук сананаҕын. Саамай үчүгэйэ диэн оҕолор махталларын истэҕин. Ол, мин санаабар, бу идэ рекламата буолуо.
Бүгүҥҥү күрэхпит экспериттэн эмиэ интервью ыллыбыт:
— Бастатан туран бэйэҕитин билиһиннэриҥ.
— Мин аатым Гоголев Павел Николаевич диэн. Дьокуускай куорат классическай гимназиятыгар история уонна обществознание учууталынан үлэлиибин.
— Кыттааччылар хайдах кытыннылар дии санаатыгытый?
— Элбэх кыттааччы олус тэҥник баран иһэллэр. Кинилэри элбэх эксперт сыаналаата, көрдө. Кыттааччылар үлэлэрэ — бу халыҥ хамаанда, оскуола үлэтин түмүгэ.
— Устудьуоннуур кэмҥэр бэйэҕин хайдах учуутал буолуом дии саныыр этигиний?
— Устудьуоннуу сылдьан, бэйэбин учуутал буолуом диэн санаабатаҕым, мин историк этим уонна юрист буолар баҕалааҕым. Онтон оскуоалаҕа ыҥырбыттарыгар, толкуйдаан баран сөбүлэспитим.
— Кыттааччыларга тугу баҕарыа этигиний?
— Бу куонкуруска кытта кэлбиттэрэ диэн улахан ситиһии, мин санаабар, кинилэр бары маладьыастар. Бэйэлэрин идэлэрин сайыннарар баҕалара уостумуон баҕарабын.
Иннокентий Владимировичка, Павел Николаевичка хоруйдарын иһин махтанабыт. Бүгүҥҥү күрэх кыайыылааҕын уонна бары кыттааччыларын быйылгы Педагог уонна уһуйааччы сылынан эҕэрдэлиибит уонна үлэлэригэр үрдүк ситиһиилэри баҕарабыт.
Бүгүҥҥү күн олус таһаарыылаахтык ааста. Юнкор оҕолор бары элбэххэ үөрэннибит уонна үгүһү биллибит. Өссө инникитин маннык интэриэһинэй үөрэхтэр, тэрээһиннэр буолуохтарын баҕарабын.
Азиза Копырина, IX кылаас, «Проба пера» эдкора.
Чыамайыкы, Мэҥэ-Хаҥалас.