Көмүс күһүн кэлбит бэлиэтэ — хас биирдии саха ыала кыстыкка бэлэмнэнэн, уһун кыһыҥҥа хаһаанан, аһын-үөлүн бэлэмнэнэр, үүннэрбит оҕуруотун быйанын астыыр, мунньунар, хаһаанар кэмэ. Дьон бары үөрэ-көтө оскуола оҕолоро, кэлэктиибэ сылын аайы тэрийэн ыытар ас-үөл дьаарбаҥкатыгар көмүс күһүнү уруйдаан тэрээһиҥҥэ муһуннулар.
Манна оҕуруот аһын арааһа баар: оҕуруот аһыттан оҥоһуллубут астар, туустаммыт, кэнсиэрбэлэммит ийэлэр сылаас илиилэринэн буспут, бэлэмнэммит дэлэгэй, баай , минньигэс амтаннаах ас арааһа.
Оҕолор остуолларын киэргэтэн, күһүҥҥү дьаарбаҥка тиэмэтинэн хас кылаас аайы көрүөххэ кэрэ гына киэргэтэн, астарын, оҥорон аҕалбыт айылҕаттан сомсон ылбыт сир аһын атыылаан бардылар. Дьон үөрэ-көтө атыыласта.
Дьаарбаҥка кэмигэр «үтүө санаа хоппото» тэрилиннэ. Биhиги убаастыыр бэтэрээн учууталларбытыгар ананна.
Үөрэммит, үлэлээбит оскуолалара кинилэри умнубат, куруук саныырын, биhиги ыытар тэрээриннэрбитигэр кэлэн күндү ыалдьыт буола, үтүө сүбэhит буола турдуннар. Түмүгэр хоппобут туолан, бэтэрээн учууталларбытыгар көмүс күһүн бэлэҕин туттардыбыт.
1 кылаас — алын сүhүөх учууталыгар Кычкина Евдокия Афанасьевнаҕа,
2 кылаас — эбии үөрэхтээhин педагогар Андросова Ульяна Афанасьевнаҕа,
3 кылаас — алын сүhүөх учууталыгар Халдеева Мария Петровнаҕа,
4 кылаас — алын сүhүөх учууталыгар Попова Дария Семеновнаҕа,
5 кылаас — алын сүhүөх учууталыгар Кычкина Раиса Иннокентьевнаҕа,
6 кылаас — алын сүhүөх учууталыгар Кычкина Христина Афанасьевнаҕа,
7,9 кылаастар — химия, география учууталыгар Захарова Евдокия Николаевнаҕа,
8 кылаас — өр кэмнэргэ оскуола директорынан үлэлээбит Находкин Иннокентий Иннокентьевичка,
10, 11 кылаастар — оскуолаҕа дириэктэри сылайааччынан үлэлээбит, география учууталыгар Кычкина Ангелина Федотовнаҕа.
Оҕолор бэтэрээннэри, сүбэ-ама буолар дьоммутун эҕэрдэлээтилэр.
Үлэни таптыырга үөрэтэр көмүс күһүн дьаарбаҥката ситиһиилэрдээх түмүктэннэ.
Айталина Бурнашева, директоры иитэр үлэҕэ сүбэһит