Россияҕа 2023 сыл “Педагог уонна уһуйааччы” сылынан биллэриллибитэ. Киэн туттабыт уонна махтанабыт биһигини үөрэтэр учууталларбытыгар уонна оҕо иитиитигэр өр сылларга үлэлээбит уһуйааччы дьоммутугар!
Бу үтүө даатаҕа олоҕуран, биһиги оскуолабытыгар үтүө тэрээһин буолан ааста. Бу күммүтүн биһиги «Ийэ тыл уонна сурук-бичик » нэдиэлэтигэр сыһыары туттубут.
Ыалдьыттарбытынан история наукатын кандидата А.А.Николаев, кыраайы үөрэтээччи М.Е.Филиппова , дьиэ кэргэн педагога Л.С.Аргунова , уһуйааччы С.Б.Николаева-Тупсаана , поэтесса А.И.Иванова-Айгыына буоллулар. Кинилэр бары өрөспүүбүлүкэбитигэр биллэр, киэн туттар дьоммут буолаллар. Оскуолабытын, төрөөбүт Маттабытын көрөн-истэн, үөрэтэн , элбэх билиини биэрэн бардылар, саҥа санаалары, хорсун идиэйэлэри эттилэр, хайысхалаатылар.
Тэрээһиммит сарсыарда 10 чаастан саҕаламмыта. Уолаттарбыт сахалыы хоһоону доргуччу аахтылар, киһиэхэ сыһыан, дойдуга таптал, бэриниилээх буолуу туһунан хас биирдии киһи сүрэҕэр тиэртилэр.
Л.С.Аргунова , А.А.Николаев тыл этэн, бары кыттааччылары көхтөөх үлэҕэ ыҥырдылар.
«Ымыычаан» уолаттар бөлөхтөрүн ырыаларын бэлэхтээтилэр, ол кэннэ секциянан арахсан, үөрэнээччилэргэ, учууталларга, төрөппүттэргэ тус-туспа хайысхаларынан буолла.
«Сахалыы ааҕыахха» секцияҕа Эрилик Эристиин айымньытынан олус сонун дьарык. Мария Егоровна ыытта. Эрилик Эристиин кини быраата буоларын уонна да атын элбэх сонуну кэпсээтэ. «Сахалыы хоһоону таптыахха» секцияҕа поэтесса А.И.Иванова бэйэтин кинигэтин туһунан уонна кыра эрдэҕиттэн хоһоон суруйарын оҕолорго сэргээтэ.
«Тупсаана үөрэҕэ» бэрт сэргэхтик ааста, дорҕоону үөрэтии диэн буолар. С.Б.Николаева-Тупсаана элбэхтик үөрэх уонна билии туһунан кэпсээтэ. Билиилээх ыччат элбэҕи ситиһэрин , аныгы дьон үөрэҕи өрө тутан, араас элбэх саҥаны , сайдыылаах суолу тобуларын өйдөттө.
«Кимтэн кииннээх, хантан хааннаах» секция историяны үөрэтээччи А.А.Николаев элбэх дьону түмтэ. Нэһилиэкпит туһунан кинигэ тахсыан сөбүн, хамыыһыйа хайдах үлэлиэн сөбүн сырдатта.
Түмүккэ, биһиги ыалдьыттарбыт бүгүҥҥү тэрээһин үлэтин, сыалын- соругун сиппитин үөрэ бэлиэтээтилэр.
Оскуолабыт сахалыы тыыннаах буолуохтааҕын, нэһилиэкпит баай историятын оҕолор үөрэтиэхтээхпитин туһунан биллибит.
Даяна Кычкина, VIII үөрэнээччитэ,
«Куорсун» пресс -центр. Мэҥэ Хаҥалас.