Быйыл сайын олус кураан дьыл буолан, сир-дойду кууран-хатан өрөспүүбүлүкэҕэ баһаар элбэх тахса турар. Маннык иэдээн биһиги нэһилиэкпитигэр буола сыһан турардаах.
Матта орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ хорсун быһыыны оҥорон быыһаан турардаахтар. Ол курдук, Аян Протодьяконов уонна Егор Гоголев алаас саҕатыгар уот умайан эрэрин бэлиэтии көрөн, дэриэбинэҕэ сүүрэн киирэн, убайдарыгар тыллаан, уоту тута умулларбыттара. Кинилэр эрдэттэн уоту көрдөхтөрүнэ, баһаар сибикитэ баарын биллэхтэринэ ханна, хайдах тыллыахтаахтарын, бастакы туох хамсаныылары оҥоруохтаахтарын билэр буоланнар, уот улахан сири сиэбэтэҕэ.
Ол курдук оскуолабыт «Алмааскирэдиитсиэрбис» хампаанньыйа гранын ылан баһаары утарар, сэрэтэр «Баһаарынайдар эдэр доҕотторо» диэн волонтер хамсааһынын үлэлэтэн, эрдэттэн сэрэтэр-биллэрэр бэсиэдэлэр ыытыллыбыттарын үтүө түмүгэ көһүннэҕэ.
Уоттан сэрэхтээх буолуоҕуҥ!
Ийэ айылҕабытын харыстыаҕыҥ!
Радик АНДРОСОВ, Матта нэһ. Мэҥэ-Хаҥалас улууһа,
«Эркээйи» улуус хаһыата.
Видеоҕа уолаттар бэйэлэрэ тугу кэпсииллэрин истиэҕиҥ: