Бүгүҥҥүттэн Масленица нэдиэлэтэ саҕаланна. Масленица нууччаларга түҥ былыргыттан хаалбыт языческай үгэскэ кубулуйбут бырааһынньык.
Бу бырааһынньык суолтата — кыһыны кытары быраһаайдаһыы уонна сааһы көрсүү диэн буолар. Чопчу хаһан бэлиэтэнэрэ биллибэт эрээри, Пасхаттан 56 күнү көҕүрэтэн ылыллар. Ол аата Масленица бу сылга кулун тутар 6 күнүгэр түбэһэр, онтон нэдиэлэтэ бүгүҥҥүттэн, олунньу 28 күнүттэн, саҕаланар.
Масленица нэдиэлэтин күннэрэ туспа ааттаахтар уонна үгэстэрдээхтэр. Ол курдук: Бэнидиэнньик — «Көрсүһүү» күнэ. Бу күн Масленица нэдиэлэтин көрсөллөрө, кыһын чуучулатын оҥороллоро, оонньуу, көр-нар саҕаланара. Оптуорунньук — «Оонньуу». Манна бары мустан хаҥкылыыллар, сыарҕалаах акка хатааһылыыллар, сыыртан сырылыыллар, хаарынан бырахса оонньууллара. Сэрэдэ — «Минньигэс күн». Бу күн билиинчик бөҕөтүн буһаран, аймахтарын ыҥыртыыллара. Чэппиэр — «Улахан чэппиэр». Бу күн дьон сарсыардааҥҥы диэри күүлэйдииллэрэ. Бээтинсэ — «Ийэ кынны (теща) киэһэлэрэ». Күтүөттэр ийэ кынныларыгар ыалдьыттыыллара. Субуота — «Кийииккэ ыалдьыттааһын». Кийииттэр дьүөгэлэрин, аймах кыргыттарын ыҥыртаан маанылаһаллара. Баскыһыанньа — «Бырастыы гыннарар баскыһыанньа». Бу күн бэйэ-бэйэлэригэр бэлэх бэрсэллэрэ уонна бэйэ-бэйэлэриттэн бырастыы гынарга көрдөһөллөрө. Уонна түмүгэр кыһын чуучулатын уматаллара, кыһыны атаараллара.
Масленица нэдиэлэтигэр хайаан даҕаны блины астыыллар. Билигин сорох дьон бу үгэһи эмиэ тутуһан, дьиэтээҕилэрин блины астаан күндүлүүллэр.
Блины ырысыаба:
Биһиэхэ наада: үүт — 800 мл, сымыыт — 2 устуука, туус — 1 ч.л., саахар — 1 ст.л., мас (растительнай) арыыта — 3 ст. л., бурдук — 400 г. Үүтү, сымыыты, саахары, тууһу иһиккэ кутан ытыйаллар, миксердыахха эмиэ сөп. Үчүгэйдик сиидэҕэ сиксиллибит бурдугу кутан, убаҕас сүөгэй курдук тиэстэни бэлэмнииллэр. Тиэстэни ытыйан баран мас арыытын кутуллар. Итийбит хобордооххо тиэстэни хамыйаҕынан кутан буһараллар. Хобордооҕу кыратык арыынан аҕыахха сөп. Блины алаадьытааҕар улахан уонна синньигэс быһыылаах буолар, араас начыыҥкалаан сиэххэ сөп: барыанньалаах, сгущеннай үүттээх, эттээх уо.д.а
Минньигэстик аһааҥ!
keskil14.ru