Бүлүү улууһун И.В. Яковлев Үгүлээт орто оскуолатын ахсыс кылааһын үөрэнээччитэ Лилиана Николаева чөмчүүк, саһарҕа уонна тымтык саастаах оҕолорго сэргэх дьарыктары салайааччытын Х.И. Семенованы кытары «Мас тоҕо үүнэрий?» Ангелина Кузьмина кинигэтинэн толкуйдаан ыыттылар.
Маннык дьарыктар оҕону ааҕыы кэрэ абылаҥар күүскэ угуйаллар. Ону таһынан сиэр-туом өттүгэр күүскэ иитэллэр. Чөмчүүк саастаах оҕолорго Лилиана «Мас тоҕо үүнэрий?» оҥорон таһаарбыт аудио-кинигэтинэн, «Ким доҕордоох — ол дьоллоох» диэн кэпсээни уһуйаан иитиллээччилэригэр иһитиннэрдэ уонна оонньуурдар көмөлөрүнэн оонньоон көрдөрдө. Кырачаан иитиллээччилэр ааҕар буоллахпытына, хайаан да бу кинигэттэн өссө элбэх кэпсээни ааҕыахпыт диэн эрэннэрдилэр.
Саһарҕа саастаах, үһүс кылаас үөрэнээччилэрэ, «Кэһии» диэн кэпсээни ааҕан баран, кумааҕынан кэпсээн дьоруойдарын оҥордулар уонна бэйэлэрин өйдөрүттэн, ол дьоруойдар уобарастарыгар киирэн кэпсээни «оонньоон» көрдөрдүлэр.
Онтон тымтык саастаах, бэһис кылаас үөрэнээччилэрэ, «Киһиргиибин диэн кирсиҥ быстаарай» диэн кэпсээнинэн тэттик киинэ айан таһаардылар.
Ангелина Кузьмина «Мас тоҕо үүнэрий?» кэпсээнэ кырдьык да, оҕолору элбэххэ иитэр-үөрэтэр. Бу кинигэҕэ киирбит хас биирдии кэпсээнэ оҕону ааҕыы абылаҥар умсугутар дьикти алыптаах. Олус туһалаах дьарыктар ыытыллыннылар, инники өттүгэр Ангелина Кузьмина кэпсээннэрин иитэр-үөрэтэр үлэбитигэр өссө да туһанар буолуохпут.
Күндү ааҕааччылар, бу кинигэни оҕолоргутугар аахтарыҥ, оҕоҕо аналлаах кэпсээннэр олус аҕыйахтар. Бу кинигэттэн оҕолоргут саха бэргэн тылын-өһүн, үгэһин, олох үтүө, мөкү өрүттэрин билиэхтэрэ уонна сүрүнэ, киһилии киһи буолан иитиллэн тахсалларыгар төһүү күүс буолуоҕа.
Ангелина Кузьминаҕа айар үлэтигэр өссө элбэх ситиһиилэри, оҕо суруйааччытын быһыытынан өссө да элбэх уус-уран кэпсээннэри суруйарыгар баҕарабыт.
Лилиана Николаева, И.В. Яковлев аатынан Үгүлээт орто оскуолатын 8 кыл. үөрэнээччитэ.
Салайааччы Х.И. Семенова.