Олунньу 17-19 күннэригэр Сунтаарга Мас тардыһыытын аан дойдутааҕы Федерациятын президенэ, биһиги биир дойдулаахпыт, киэн туттар киһибит Александр Константинович Акимов бирииһигэр мас тардыһыытыгар оҕолорго биирдиилээн бастыыр иһин республиканскай турнир буолан ааста.
Манна Ньурбаттан, Сунтаартан 74 оҕо кэлэн 7 араас ыйааһыҥҥа икки күн устата күөн көрүстүлэр.
Биһиги оскуолабытыттан 10 спортсмен, ол иһигэр 7 уол, 3 кыыс киирэн бэйэлэрин кыахтарын боруобаланнылар. Эрийсиилээх киирсиилэр кэннилэриттэн 8-с кылаас үөрэнээччитэ Александрова Анжелина (70 кг) 2 миэстэни, 9-с кылаас уолаттара Федоров Ермак (50 кг), Попов Рудольф (65 кг) 3 миэстэни ылары ситистилэр.
10 кылаас үөрэнээччитэ Николаева Алина улахан ыйааһыҥҥа Анал бириис хаһаайката буолла.
Эдэр саҕалааччылар Андреев Эдик, Кириллина Сабия куһаҕана суохтук киирсэн 4-с миэстэни ыллылар.
Оҕолору физкультура учуутала Андреев Николай Игнатьевич салайан, эрчийэн илдьэ сырытта.
“Кустук” пресс-киин Күүкэй, Сунтаар