Биһиги оскуолабытыгар мас тардыһыы секциятын опыттаах тренер Леонид Николаевич Николаев салайан үлэлэтэр. Уолаттарбыт күүскэ дьарыктанан, араас күрэхтэргэ кыттан, кыайаллар-хотоллор. Бу успуорт ыарахан көрүҥүнэн кыргыттар эмиэ дьарыктаналлар.
Бүгүҥҥү мин кэпсиир геройум Галя Анемподистова буолар. Кини оскуолабытыгар мас тардыһыынан дьарыктанар соҕотох кыыспыт, 9 кылаас үөрэнээччитэ.
Галя туһунан кылгастык билиһиннэрдэххэ, дьиэ кэргэнигэр 4-с кыыс оҕонон күн сирин көрбүтэ. Бииргэ төрөөбүт алтыалар, бары кыргыттар. Эдьиийдэрэ, балыстара эмиэ успуорду сэҥээрэллэр, дьарыктаналлар.
Галя бастакы кылаастан үчүгэйдик үөрэнэр. НПК-ларга, олимпиадаларга мэлдьи кыттар. Кылаас, оскуола, нэһилиэк тэрээһиннэригэр көхтөөхтүк кыттар. Бу соторутааҕыта Дьокуускай куоракка ыытыллыбыт өрөспүүбүлүкэтээҕи мас тардыһыытын күрэҕэр үһүс бочуоттаах миэстэни ылары ситиспитэ.
Мин Галяттан мас тардыһыынан тоҕо дьарыктанарын, туох туһалааҕын туһунан кэпсэттим.
– Галя мас тардыһыытынан хаһыс кылаастан дьарыктанаҕын?
– Алтыс кылаастан дьарыктанабын.
– Успуорт бу көрүҥүн тоҕо талбытыҥ буолуой дии саныыгын?
– Мас тардыһыытын сөбүлүүбүн, сэҥээрэбин. Успуорт күүстээх көрүҥүнэн дьарыктанан, этиҥ-сииниҥ кытаатар, доруобай буолаҕын.
– Кыыс оҕоҕо кутталлаах буолбатах дуо?
– Кутталлаах бөҕө буоллаҕа дии. Сыыһа туттан, хамсанан, араас эчэйиини ылыаххын сөп. Оннук буолбат наадатыгар, араас ньымалары, албастары сөпкө тутта үөрэниэхпин наада.
– Успуорт киһиэхэ туохха туһалааҕый?
– Успуордунан дьарыктаныы — туһата элбэх. Күннээҕи режими тутуһа, аттарына үөрэнэҕин, эт-хаан өттүнэн сайдаҕын. Бу барыта ситимнэһэн, үөрэхпитин ситиһэргэ олус көмөлөөх буолар.
– Быйылгы үөрэх дьылыгар сыалыҥ-соругуҥ тугуй?
– Быйыл Горнай улууһугар уонна бэйэбит нэһилиэкпитигэр өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэһиилэр буолуохтаахтар. Онно кыттарга бэлэмнэнэбин. Уонна быйыл 9-с кылаас буоламмын, экзаменнарбар болҕомтобун ууран, кыһаллан үөрэнэбин.
– Галя, кэпсээниҥ иһин махтанабын. Үөрэххэр, успуорка ситиһиилэри баҕарабын.
Айна БАНДЕРОВА, VII кылаас,
С. Д. Флегонтов аатынан Хадаар орто оскуолата, Чурапчы