Ыал ийэтинэн диэн мээнэҕэ этиллибэтэх. Дьиэ кэргэн бигэ тирэхтээх, дьоллоох дьиэ кэргэн буолара биир үксүгэр ыал ийэтиттэн тутулуктаах. Кини мындырыттан, тулууруттан, өйүүрүттэн.
Өрөспүүбүлүкэбит оройуоннарыгар элбэх оҕолоох, нэһилиэккэ үтүө холобур буолар ийэлэр элбэхтэр. Бүгүн мин биир эдэркээн ийэ туһунан сырдатыам. Кини аата-суола Мария Александровна Оппудонова. Ньурба улууһун Маар нэһилиэгин биир бастыҥ мааны кийиитэ, 4 оҕо иһирэх ийэтэ, тапталлаах кэргэн.
— Мария, дорообо. Бастатан туран бэйэҥ дьиэ кэргэнин туһунан билиһиннэр.
— Мин бэйэм Ньурба оройуонугар Чаппанда нэһилиэгэр төрөөбүтүм, Маар уолугар кэргэн тахсан 12 сылын кийииттээн олоробун. Кэргэним аата Кирилл Егорович Яковлев, Маар нэһилиэгин баһаарынай чааһын салайааччыта. Бэйэм «Алгыс» норуот айымньытын киинигэр исписийэлииһинэн үлэлиибин. Биһиги дьиэ кэргэн 4 оҕолоохпут, үс уол уонна биир кыыс. Улахаммыт доруобуйатынан хааччахтаах, ол эрэн кэрэ куоластаах ырыаһыт уолбут Саша. Орто уол аҕабыт эдьиийиттэн хаалбыт оҕо Максим, кырабыт Даниэль уһуйаан иитиллээччитэ уонна соҕотох кэрэчээн кыыспыт Камелия.
Дьиэ кэргэнинэн араас күрэхтэргэ кыттан, улууспутугар үс төгүл «Сыл бастыҥ эдэр ыала» үрдүк ааты ылбыппыт. 2021 сылга Үлэ уонна социальнай харысхал министиэристибэтэ ыыппыт өрөспүүбүлүкэтээҕи дьиэ кэргэн үгэһин көрдөрөр, дьиэ кэргэни сомоҕолуур күрэххэ 3 миэстэни ылан үөрбүппүт. Нэһилиэк, оройуон култуурунай олоҕор куруук кыттар буоламмыт, дьиэ иһигэр ырыа-тойук, айар-тутар үлэ күөстүү оргуйа турар буолан, оҕолорбут кыраларыттан айар куттаах эйгэҕэ иитиллибиттэрэ. Кэргэммин кытары кэрэҕэ, сырдыкка тардыһыыга, чөл олоҕу тутуһууга сүрүн болҕомтобутун уурабыт уонна оҕолорбутун олоххо субу курдук көрүүлээх иитэргэ дьулуһабыт.
— Эһиги ыал күҥҥэ көрбүт соҕотох кыысчааҥҥыт ситиһиитэ элбэх эбит. Ол туһунан сырдата түһүөҥ дуу?
— Кыыспыт кыра эрдэҕиттэн култуура киинигэр улааппыт оҕо буолан, үс сааһыгар бэйэтэ баҕаран туран сыанаҕа ыллаабыта. Оҕом ыллыан, үҥкүүлүөн баҕарарын көрөөт, бэйэм дьарыктаабытынан барбытым. Билиҥҥи сайдыылаах үйэҕэ куйаар ситимэ баар буолан, оҕом араас куонкурустары булан көрөрө, караоке ыллыыра. Ити курдук сыыйа-баайа үөрэнэн, ырыа күрэхтэригэр кыттар буолбута уонна гран-при кыайыылааҕа буолбута. Камелиям сыанаҕа тахсарыттан хара маҥнайгыттан хараҕа уоттанар оҕо. 7 саастааҕар Дьокуускай куоракка «Хаарчаана Куо» куонкуруска кыттан көрөргө санаммыппыт, кыыспыт туттара-хаптара мааны буолан биэрдэ, вице-мисс үрдүк аатын ылан Москва куоракка «Мини мисс Россия» кыттарга ыҥырыы сурук туттубут! Ол курдук улахан таһымнаах күрэххэ кыттаары модель буоларга туруммута, күүстээх үлэ барбыта. Бу барыта дьиэбитигэр бэйэбит дьарыктанабыт, дэриэбинэҕэ олорон эрэ, бэйэҥ кыһаллан үлэлээтэххинэ эрэ, сыалгын ситиһэҕин. Онтон Москваттан кыайыы-хотуу үктэллээх кэлэн, дьэ, араас куонкурустарга ыалдьыт быһыытынан ыҥырар буолбуттара, фотосессияларга кыттар буолбута. Ааспыт 2021 сылга эмиэ ыҥырыы тутан Москваҕа «Miss World Russia» кыттан кэллибит, «Мини вице-мисс” үрдүк ааты тутан үөрүү-көтүү үктэллээх дойдубутугар кэлбиппит. Кыыһым үөрэҕэр туйгун, оскуолатааҕы медиацентр эдэр кэрэспэдьиэнэ.
— Эн санааҕар кыыс оҕону иитиигэ сүрүн болҕомтону туохха ууруохха сөбүй?
— Мин тус бэйэм санаабар, кыыс оҕону кыра эрдэҕиттэн «эн кэрэҕин, эн саамай кэрэҕин, эн нарыҥҥын, эн сэмэйгин, үтүө киһигин» диэн үөрэтиэххэ наада дии саныыбын. Кыыс оҕо ийэ холобурунан улаатар дии саныыбын, ийэ киһи дьиэтигэр кыраһыабайдык, ыраастык, мичилийэ тутта сырыттаҕына, кыыс оҕо ийэм курдук буолабын диэн улаатар. Ас астааһыныгар «мэһэйдээмэ» диэн буолбакка, кыратыттан бииргэ астаан, бэл, дьиэ иһин минньигэс сыттаах аһылык сытынан тунуйдаҕына даҕаны, дьиэ иһэ хайдах эрэ олох атын тыыннанар. Ийэ кыыһынаан дьүөгэ буолуохтаахтар дии саныыбын. Миигин ийэм оннук улаатыннарбыта, мин ийэбиттэн үөрэммиппин олохпор сөпкө туһанабын дии саныыбын.
— Хайа баҕарар дьиэ кэргэн оҕолоро бигэ тирэхтээх, үтүө дьон буола улааталларыгар баҕарар. Оҕону иитиигэ чуолаан тугу бигэргэтэн этиэҥ этэй?
— Мин санаабар, бастатан туран, оҕону иитиигэ биһиги дьиэ кэргэн үтүө дьон буола улааталларыгар, аһыныгас сүрэхтээх, дьоҥҥо-сэргэҕэ убаастабыллаах сыһыаннаах буолууга сүрүн болҕомтобутун уурабыт. Гаджеттарынан буолбакка, остуол оонньуутунан да буоллун, дьиэни ыһар да оонньуулары оҕолорбутун кытары тэбис-тэҥҥэ оонньуубут, дьиэ кэргэнинэн, нууччалыы эттэххэ, «мотивирующай», олоххо үөрэтэр киинэлэри көрөбүт, онтон ону бары олорон ырытабыт. Булгуччу күннээҕи сонуммутун кэпсэтиһэбит, хайаан да оҕолуун кэпсэтии баар буолуохтаах дии саныыбын, оччоҕо эрэ оҕо аһаҕастык саҥара, кэпсэтэ, санаатын этэ үөрэнэр. Оҕолорбутугар саамай биһиги — ийэлээх аҕа холобур буолабыт, онон бастатан туран бэйэбититтэн саҕалыахтаахпыт дии саныыбын. Уонна хаһан даҕаны бэйэбит оҕолорбутун атын оҕолорго холообокко сылдьыахтаахпыт. Уонна элбэхтэ дьиэ кэргэнинэн бииргэ атаарыыга болҕомто уурабыт.
— Билигин аныгы оҕо аахпат буолла диибит. Оҕону ааҕыыга хайдах сыһыарарга тус санааҥ.
— Оҕону отой кыратыттан кинигэҕэ сыһыарыахха наада, бастаан уруһуйунан, хартыынканан кэпсээн үөрэтэбит, улаатан истэхтэрин аайы тыллар эбиллэллэр, аны дьэрэкээн ойуулартан буукубаларга көһөбүт, ол курдук эбиллэн тыллары холбуубут. Биһиги бу курдук ааҕарга үөрэппиппит, маннык буолуохтааҕын курдук, ааҕары түргэнник ылыммыттара. Кинигэ арааһыттан хас биирдии дьиэ кэргэҥҥэ баар буолуохтаах дии саныыбын. Кинигэ ааҕыытыгар күҥҥэ биирдэ бэриллэр бириэмэ тыырабыт, кыралыын улаханныын бары кинигэ тутабыт. Билигин араас интэриэһинэй, үөрэтэр, сырдатар кинигэлэр элбэхтэрэ үөрдэр.
— Эһиги дьиэ кэргэн туох үгэстээххит?
— Дьиэ кэргэнинэн үгэскэ кубулуйбут сынньалаҥмыт биһиэхэ элбэх. Тэлгэһэ ыһыаҕыттан саҕалаан Сана дьылга тиийэ. Дьиэ кэргэн ыһыаҕар тэлгэһэбитин сахалыы тыыннаан киэргэтэбит, салама ыйыыбыт, сахалыы ас астыыбыт, саха үҥкүүтүн толоробут, атах оонньуутун ыытабыт. Бу үгэскэ кубулуйбут биир сүдү бырааһынньыкпыт буолар, ону таһынан Маска тахсыы күнүн көрсөбүт, араас бэлиэ күнү барытын дьиэ кэргэнинэн ылабыт.
— Дьиэ-уот тупсаҕай көстүүлэнэригэр эмиэ бэйэҥ сыраҕын уураҕын. Ол туһунан.
— Билиҥҥи үйэ сиэринэн улахан куораттарга фотозона муода буолан турарын билэбит, ону кытта тэҥҥэ мин хас бырааһынньык аайы фотозона оҥорорбун сөбүлүүбүн. Тиэмэтин талан, өҥнөрүнэн тыыран, былааннаан оҥорорбун сөбүлүүбүн. Мин сыаллаахпын, ол сыалбын ситиһэрбин сөбүлүүбүн. Кэргэним өйөбүлүнэн барыта кыаллар. Билигин өссө «Оформление праздников» диэн кууруска үөрэниэхпин баҕара сылдьабын.
— Эдэр ийэлэргэ, дьиэ кэргэттэргэ сүбэҥ-амаҥ, баҕа санааҥ.
— Этэргэ дылы «погода в доме», дьиэ чөл эйгэтэ ыал ийэтиттэн тутулуктааҕын биһиги, ийэлэр, ону умнуо суохтаахпыт дии саныыбын. Оҕону иитии улахан эппиэтинэстээх, төлөммөт, солбуллубат ыарахан үлэ. Оҕо ийэлээх аҕатын сыһыаннарын көрөн улаатар, дьиэ иһинээҕи сыһыаҥҥа болҕомто ууруохпутун наада. Дьоллоох дьиэ кэргэҥҥэ — дьоллоох оҕолор улааталлар. Баҕарыам этэ барыгытыгар доруобуйаны, иллээх-эйэлээх олоҕу, тус санааҕыт барыта туола турдун!
— Мария, эйиэхэ махтал, дьиэ кэргэҥҥэр доруобуйаны, ситиһиини баҕарабын.
Кэпсэттэ Анна СЛЕПЦОВА.