Нэһилиэк дьонугар балыыһа биир саамай наадалаах уонна суолталаах тэрилтэ буолар. Ити санаанан салайтаран, Хадаар нэһилиэгин фельдшерскэй-акушерскай пуунугар тиийэ сырыттым.
ФАП фельдшерын Марина Николаевна Власьеваны көрсөн кэпсэттим, интэриэһиргиир ыйытыыларбын биэрдим.
–Марина Николаевна, ханна үөрэнэн, фельщшер идэтин баһылаабыккытый, хас сыллаахтан үлэҕитин саҕалаабыккытый?
– Мин 1987 сыллаахха Томскай уобаласка 2№-дээх медицинскэй училищены ситиһиилээхтик бүтэрэн, ити кэмтэн ыла үлэбин саҕалаабытым. Сөбүлээн талбыт идэм буолан, үлэбин олус сөбүлүүбүн. Идэтигэр табыллыбыт киһи олоҕун устата дьоллоох буолар дииллэрэ кырдьык.
– Үлэҕэр туох ыарахаттар баалларый?
– Аныгы үйэ ирдэбилинэн, цифровой технология күүскэ киирдэ. Анал программаларынан үлэлиибит. Ити биир өттүнэн ыарахаттардаах. Кэм хардыытын кытта уларыйан, цифровой технологиялары баһылаан, бэйэҕин түргэнник сайыннаран иһиэххин наада.
– Билиҥҥи кэмҥэ нэһилиэкпитигэр дьон ордук тугунан ыалдьарый?
– Улахан дьон ортотугар бастакы миэстэҕэ тымныйыы, саахарнай диабет, сүһүөх ыарыыта турар. Оттон оҕолор дьыл кэмин уларыйыытыгар ОРВИ-нан, күөмэйдэринэн ордук ыалдьаллар.
– Өр сыл үлэлээбит фельдшер быһыытынан оҕолорго тугу сүбэлиэҥ этэй?
– Эккитин-сииҥҥитин чэбдигирдэ, хамсана-имсэнэ сылдьыҥ. Тымныйыыттан сэрэхтээх буолуҥ. Күн-дьыл туругун көрөн, сөптөөхтүк таҥныҥ, доруобуйаны бөҕөргөтөр битэмииннэри иһин. Кыһыҥҥы тымныыларга тото-хана аһыы сылдьыҥ, ичигэстик таҥныҥ. Ыалдьар түгэҥҥитигэр тута бырааска кэлэн көрдөрөргүтүгэр сүбэлиибин. Ыарыыны эмтиэхтээҕэр эрдэттэн сэрэппит, харыстаммыт ордук.
– Марина Николаевна, мин ыйытыыларбар эппиэттээбитиҥ иһин улахан махталбын этэбин. Үлэҕэр ситиһиилэри баҕарабын.
Кэпсэттэ Айна БАНДЕРОВА, VI кылаас,
С.Д. Флегонтов аатынан Хадаар орто оскуолата, Чурапчы