Марфа Ивановна Птицына. СГУ саха филологиятын культуратын факультетын литературнай салаатын 2006 с. бүтэрбитэ. Билигин — Мэҥэ Хаҥаласка улуустааҕы «Эркээйи» хаһыатын суруналыыһа. Россия Суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ.
Биһиги оскуолаҕа үөрэнэрбит саҕана «Кэскил», «Юность Севера» хаһыаттар ураты суолтаны ылар таһаарыы буолаллара. Айарга холонор үөрэнээччи муҥутуур баҕата — «Кэскилгэ» бэчээттэнии буолара саарбаҕа суоҕа. Хаһыакка бэйэбит эбэтэр билэр оҕобут бэрт кыра да заметката кылам гынан таҕыстаҕына, бэркэ сэргээн, кэтээн көрөрбүт, бу оҕоттон холобур ыларбыт. Ол саҕана хаһыакка бэчээттэммит оҕо дьиҥнээх «сулус» буолара. Суруйар идэлээх буолуубутугар ити, биллэн туран, олугу уурбута. Онон «Кэскили», соҕотох оҕо хаһыатын, күндүтүк саныыбын.