Итинник ааттаах саҥа кинигэ күн сирин көрдө. Кинигэ Горнай улууһун дьаһалтатын (баһылык Н.В. Андреев, бастакы солбуйааччы С.С. Стручкова) көҕүлээһининэн, “Манчаары оонньуулара” улуустааҕы анал фонда үбүлээһининэн бэчээттэннэ.
Кинигэни Россия Суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, “Үлэ күүһэ” хаһыат редакторынан өр сылларга ситиһиилээхтик үлэлээбит Василий Ильич Алексеев бэчээккэ бэлэмнээһининэн, улуустааҕы үөрэх управлениетын начаалынньыга Варвара Ильинична Сметанина, суруналыыс Вячеслав Васильевич Алексеев, Манчаары оонньууларын дирекциятын специалистара Розсиэнэ Павловна Сивцева, Степан Константинович Пахомов, улуустааҕы спорт управлениетын специалиһа Вячеслав Владимирович Васильев хомуйан оҥорууларынан таҕыста.
Аҕыйах хонуктааҕыта Бэрдьигэстээххэ саҥа кинигэ сүрэхтэниитэ буолла. Бэлиэ күҥҥэ Саха сирин физическэй культураҕа уонна спорка миниистирэ Иннокентий Григорьев, Горнай улууһун баһылыга Никита Андреев, спорт национальнай киинин дириэктэрэ Гаврил Мохначевскай уонна кинигэни оҥорон, бэлэмнээн таһаарбыт дьон кыттыыны ыллылар. Итиэннэ кинигэҕэ үлэлэспит Светлана Винокуроваҕа, Мая Михайловаҕа, Вячеслав Алексеевка, Сардаана Стручковаҕа, Варвара Сметанинаҕа махтал суруктары туттардылар. Спорт бэтэрээннэрэ Анатолий Осипов, Радомир Сидоров, Марина Андреева алгыс тылларын анаатылар.
–Кинигэҕэ ааспыт үйэҕэ уонна саҥа кэмҥэ Горнай улууһугар, нэһилиэктэргэ, оскуолаларга физкультура уонна спорт сайдыытын туһунан кэпсэнэр. Улууспут кэлэр көлүөнэ ыччаттарыгар физкультуранан дьарыктаныы, спорка ситиһиилэр хас биирдии киһи олоҕор ураты суолталаахтарын билиһиннэрэргэ, быһаарарга дьулуһуубут түмүллэн таҕыста.
Аан дойду, Европа, Россия таһымнаах күрэхтэһиилэргэ Саха сирин ааттаппыт, олохторун спорка анаабыт Горнай улууһун чулуу спортсменнарын, кинилэри эрчийбит, үөрэппит тренердэри, учууталлары киэн тутта ааттаан туран, үйэлээх сурукку киллэрдибит, – диэн редакциялыыр коллегия быһааран суруйбут.
Ити курдук, Горнай улууһун спорка историятын кэпсиир кинигэ 544 сирэйгэ 18 түһүмэхтээх, 600 ахсаанынан бэчээттэнэн таҕыста.
Маннык, ханнык улууска улахан таһымнаах күрэхтэһии ыытыллар даҕаны, ол улуус физическэй культураҕа уонна спорка историятын кэпсиир кинигэлэр бэчээттэнэн тахсаллара үтүө үгэскэ кубулуйда. Иллэрээ сыл Аммаҕа ыытыллыбыт Саха сирин норуоттарын спортивнай оонньууларыгар анаан үс кинигэ бэчээттэнэн тахсыбыта уонна оонньуулар кэмнэригэр сүрэхтэниилэрэ ыытыллыбыта. Эһиил Бороҕоҥҥо буолуохтаах оонньууларга эмиэ кинигэ бэлэмнэнэ сылдьар.
“Дьулурҕан”.