Нам улууһугар кыра Хатырык диэн дэриэбинэ баар эбит, ол онно биир олус интэриэһинэй музейга сылдьыбытым туһунан кэпсиим. Музей аата Саха өрөспүүбүлүкэтин государственнаһын устуоруйата диэн, кини М.К. Аммосов аатын сүгэр.
Максим Кирович Аммосов – сэбиэскэй государственнай уонна партийнай деятель, Нам улууһун Хатырык нэһилиэгэр төрөөбүт. Кини дьиэ кэргэнэ олус дьадаҥытык олорбут эбиттэр, ол иһин Максимы 4 сааһыттан таайа аахха ииттэрэ биэрбиттэр. Оскуоланы бүтэрэн баран Максим Дьокуускайдааҕы училищены, учуутал семинариятын бүтэрбит. Кэлин, 1922 сыллаахха, Платон Ойуунускайы, Исидор Бараховы, Степан Аржакову кытта Саха Өрөспүүбүлүкэтин олохтоспут.
Музей хаһан уонна хайдах тутуллубутуй? Бу музейы олохтоохтор бэйэлэрэ баҕаран туран туттарбыттар эбит. Учууталлар, библиотекардар, актыбыыстар бэйэлэрэ олус элбэх матырыйаалы булбуттар, мунньубуттар, нэһилиэк дьоно барыта кыра да буоллар араас наадалаах малы-салы, информацияны хомуйбуттар. Бастаан 1962 сыллаахха М.К. Аммосов аатынан мемориальнай музей аһыллыбыт, 2005 сыллаахтан музей Е. Ярославскай аатынан хотугу норуоттар устуоруйаларын уонна култуураларын Саха сиринээҕи холбоһуктаах государственнай музейдарын филиала буолбут. Маҥнай музей эргэ кыараҕас мас дьиэҕэ турбут, онтон олохтоохтор саҥа дьиэ тутарга диэн быһаарбыттар уонна субуотунньуктары тэрийэн, мас бэлэмнээбиттэр. Салайааччылар кинилэри өйөөбүттэр, сотору дьиэ тутуллан бүппүт. Сыллар ааһан истэхтэрин аайы мунньуллубут матырыйаал бу дьиэ5э баппат буолан испит.
Онтон Максим Кирович Аммосов 100 сааһын туолар үбүлүөйүн көрсө музейга анаан саҥа таас дьиэ тутулларын туһунан дьаһал тахсыбыт. Улахан саҥа бырайыагы тутарга дьонтон араас элбэх идиэйэлэр, этиилэр киирбиттэр, олортон саамай үчүгэйдэрэ диэн маннык бырайыагы талбыттар: музейга киирээти кытта уҥа өттүгэр М.К. Аммосов төрөөбүт алааһа көстөр, инники күөҥҥэ балаҕан турар, кэннигэр – күөх хонуу, үүнүүлээх ходуһа.
Музейга М.К. Аммосов олоҕун, үлэтин туһунан кэпсиир элбэх экспонаттар, брошюралар, ыстатыйалар, историческай истиэндэлэр бааллар, өссө бэйэтэ туттубут, харыстаабыт маллара хараллан сыталлар эбит, холобур, киргиз оробуочайдара бэлэхтээбит кумааҕы быһар быһахтара, чаһы браслета, УралГЭС кэлэктиибэ биэрбит электрическэй чаанньыга. Ону таһынан Хатырык олохтоохторо Аммосов дьонун кытта суруйсубут, сибээстэспит суруктара, докумуоннара эмиэ бааллар. 1983 сыллаахха музейга “норуот музейа” диэн бочуоттаах аат иҥэриллибит.
Бу музейы мин сөбүлээтим, олус элбэҕи биллим.
Сотору, муус устар 27 күнүгэр, Өрөспүүбүлүкэбит 100 сааһын бэлиэтиэхпит, онон оҕолоор, бу музейга сылдьыҥ, Максим Кирович Аммосов туһунан элбэх интэриэһинэй чахчылары билиэххит!
Рома БРЫЗГАЛОВ, 6 кылаас.
Табаҕа орто оскуолата,
Мэҥэ-Хаҥалас улууһа.