Саха Өрөспүүбүлүкэтэ төрүттэммитэ 100 сылыгар уонна саха норуотугар Саха Автономиятын аҕалбыт уһулуччулаах киһибит Максим Кирович Аммосов төрөөбүтэ 125 сылыгар анаан кини төрөппүт сыдьааннара кэллилэр.
Билсиэххэ дии уонна арааһа билэрбит да наада: Максим Аммосов, М.К. Аммосов сиэнэ, кыра кыыһа Лена Максимовна улахан уола. Мария Алексеевна, Лена Максимовна кыра уола Миша кэргэнэ, Аммосова Людмила Михайловна, Михаил уонна Мария Алексеевна иккис кыыстара, хос сиэн. Васильев Лев Александрович, хос-хос сиэн уол. Бу күннэргэ кинилэр төрүт дойдуларыгар, эһэлэрин-хос эһэлэрин төрөөбүт сиригэр-уотугар Намҥа уонна Хатырыкка Максим Кирович Аммосов төрөөбүтэ 125 сылыгар анаммыт үбүлүөйдээх тэрээһиҥҥэ ыҥырыылаах ыалдьыттар.
Маны сэргэ, кинилэри кытта, М.К. Аммосовтыын бииргэ үлэлээбит, Саха сирин салайсыбыт дьонтон биирдэстэрэ Илья Николаевич Прядезников сыдьааннара бааллар.
Улуу киһибит аатын үйэтитиигэ биллэн туран, СӨ Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта, сахалар духуобунай лиидэрбит Александр Николаевич Жирков быһаччы буолар, ону билэр инибит?
Биһиги «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһата «Юность Севера» оҕо-ыччат сурунаалбытыгар, Саха Өрөспүүбүлүкэтин 100 сылын көрсө, ыам ыйын нүөмэригэр «Похожи ли мы на своих предков» диэн сүрдээх үчүгэй, сонун балаһаны бэлэмнээбиппит. Онно, Лев Васильев диэн үчүгэйкээн бэйэлээх, өй бөҕөтө киһитэ хос-хос эһэтин туһунан кэпсээбит интервьютун таһаарбыппыт. Онно кини маннык диэн кэпсиир:
«…В чем то я даже немного на него похож. Мне тоже достаточно легко даются языки —изучаю английский и немецкий. Я, как и Максим Кирович, не стесняюсь выступать на публике и был ведущим нескольких школьных мероприятий и конкурсов. Еще я тоже люблю музыку — вот уже шестой год учусь в музыкальной школе и играю на фортепиано. А в этом году начал учиться играть на гитаре».
Нам улууһун дьоно-сэргэтэ ыҥырыылаах ыалдьыттары саха сиэринэн дьоһуннук кымыстаах чороонунан, үтэһэлээх этинэн, сахалыы алаадьылаах көрүстүлэр.
Ыһыах бырагырааматыгар Хатырыкка да, Намҥа да төрүт Максим Кирович туһунан сүрдээх дириҥ ис хоһоонноохтук туруоруллубут көстүүлэри көрдүлэр, мааны ыалдьыт буоллулар.
Биири бэлиэтиирим тоҕоостоох, Максим Кирович аймахтара: оҕолоро, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ бары үрдүк үөрэҕи өрө туппут, сүрдээх киэҥ билиилээх-көрүүлээх, эргиччи билиилээх, таһымнаах дьон буолаллар.
Татьяна ЖИРКОВА, суруналыыс, редактор.
Хаартыскаларга: ыалдьыттар Нам улууһун Хатырыгар, видеоҕа Лена Максимовна Аммосова улахан уола Максим Аммосов.