Быйыл биһиги оскуолабытыгар чаҕылхай, киэн туттар чулуу киһибит, оскуолабыт выпускнига Максим Кирович Аммосов 125 сылын бэлиэтээн, араас таһымнаах тэрээһиннэр өрө көтөҕүллүүлээхтик буола тураллар. Ол курдук, ахсынньы 22 күнүгэр И.С. Гаврильев аатынан Нам 1 №-дээх орто оскуолатын II «В» кылаас үөрэнээччилэрэ Максим Аммосов аатынан этэрээт тэриннилэр. Бу оҕолор оскуоланы 2032 сылга бүтэриилэригэр М.К. Аммосов 135 сыла бэлиэтэниэ.
Кылаас кэлэктиибэ Максим Кирович Аммосов аатын үйэтитэр сыаллаах араас хайысхалаах 135 тэрээһини ыытарга былаанныыр. «М.К.Аммосов туһунан элбэҕи ааҕыахпыт, билиэхпит. Максимныы үѳрэнэргэ, кѳрсүѳ-сэмэй буоларга, майгы-сигили ѳттүнэн үчүгэй хаачыстыбаларын иҥэринэргэ иитиллиэхпит», диэн эдэр учуутал Екатерина Михайловна Соловьева оҕолоругар кэскиллээх суолу ыйда.
Максим Кирович Аммосов үтүѳ аатын үйэтитиини Россия уопсай үөрэхтээһиҥҥэ Бочуоттаах үлэһитэ, СӨ үѳрэҕириитин туйгуна, Нам улууһун Ытык киһитэ, алын кылаас бэтэрээн учуутала Марфа Гаврильевна Степанова 1984 сыллаахха киллэрэн саҕалаабыта. Кини I Хомустаах орто оскуолатыгар үѳрэтэр кылаастарын 1984, 1997, 2007 сыллардаахха Максим Аммосов аатынан этэрээттэри тэрийэн, дириҥ ис хоһоонноох үлэтэ өрөспүүбүлүкэбит учууталларыгар биһирэбили ылбыта, киэҥник тарҕаммыта. Баай уопуттаах бэтэрээн учуутал Марфа Гаврильевна сүбэлээн-амалаан, дириҥ ис хоһоонноох үлэтин түмэн, эдэр кэллиэгэтигэр Екатерина Михайловнаҕа туттарда.
СӨ бастакы Президенэ Михаил Ефимович Николаев бэлиэтииринэн, алын кылаастартан саҕалаан, чулуу дьон холобурдарыгар үѳрэтии-иитии — саха оҕото, ыччата сайдарыгар олугу уурар. Максим Кирович үтүѳ аатын үүнэр кѳлүѳнэҕэ, эдэр ыччакка иҥэрэр – бу биһиги ытык иэспит!
А.И. Стручкова, Нам улууһа.