Биһиги оскуолабытыгар хас сыл аайы ыам ыйын бүтүүтэ «Майский Бал» буолар. Бу тэрээһиҥҥэ хас биирди оҕо, төрөппүт, учуутал урукку кэмнээҕи баалга курдук таҥнан кэлэр. Киһи таҥаһынан эрэ буолбакка, оскуолабыт иһэ барыта уларыйар, киэркэйэр. Кыргыттар уһун маҥан платье, онтон уолаттар пиджак, суртюк кэтэллэр.
Хас биирдии кылаас бэйэтэ үнкүүлээх. Кыра кылааска сылдьан улахан кылаас үөрэнээччилэрин көрөн ымсыыраммын, улаатан баран Падеспань үҥкүлүөм этэ диэн санааччым. Быйыл баҕа санаам туолан испанскай үҥкүү элеменнаах Падеспань кылааһынан үҥкүүлээтибит.
Үҥкүүлэр быыстарыгар туйгун үөрэхтээх, ситиһиилээх үөрэнээччилэргэ, бастыҥ учууталларга уонна кылаастарга анал стипендия туттараллар.
Баал буоларын быһыытынан «Королева» уонна «Король» баар буолуохтаах. Баал бүтүүтэ алын кылаастартан «Принцесса» уонна «Принц», улахан кылаастартан «Королева» уонна «Король» талыллаллар. Бу олус долгутуулаах, кэтэһиилээх түгэн буолар.
Бу үөрэх сылыгар биһиги оскуолабытыгар медиа киин олус таһаарылаахтык үлэлээтэ дии саныыбын. Сыл түмүгүнэн бастыҥнарга стипендия ананна:
– «Лучший медиаученик» Эрхан Петровка 4 «а» кылаас үөрэнээччитигэр уонна Лилиана Поповаҕа 8 «а» кылаас үөрэнээччитигэр;
– «Лучшая статья в газете» Диана Игнатьеваҕа 10 «б» кылаас үөрэнээччитигэр;
– «Лучший медиапродукт» Лиана Аргунова, Сайнаара Барашковаҕа 5 «а» кылаас үөрэнээччилэригэр;
– «Лучший медиа класс» 4 «а» уонна 6 «а» кылаастар буоллулар;
Н.Е. Мординов – Амма Аччыгыйа «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһатын дириэктэрин Ольга Ивановна Семенова уонна сүрүн редакторын Cардаана Анатольевна Матвеева анал стипендия актыыбынай «Кэскил» медиа оскуола үөрэнээччилэригэр туттарылынна:
– Даша Сидороваҕа, 8 «а» кылаас үөрэнээччитигэр;
– Олег Афанасьевка, 7 «а» кылаас үөрэнээччитигэр.
Оҕолорго инники медиа олохторугар ситиһиини баҕарабын.
Попова Лилиана,
8 «а» кылаас үөрэнээччитэ
ОхлопковNews медиа киин кэрэспэндиэнэ