Агро-хайысханан үлэлиир В.П. Ларионов аатынан Майа орто оскуолатыгар эмтээх отунан дьарыктанар фитобар тэриллибитэ бэһис сыла. Фитобары үөрэҕирии туйгуна, уопуттаах учуутал Роза Петровна Васильева салайар. Сыл устата үөрэнээччилэр, учууталлар эмтээх оту хомуйууга, куурдууга-хатарыыга, наардааһыҥҥа, нэһилиэнньэҕэ атыыга таһаарыыга киэҥ хабааннаах үлэни ыытабыт.
Быйылгы үөрэх сылыгар улууспут сиригэр-уотугар үүнэр 12 араас эмтээх оту үөрэттибит. Чуолан дөлүһүөнү уонна боҕуруоскай, кучу, үөрэ отторун, кытыаны маассабайдык хомуйабыт. Дөлүһүөн киһи доруобуйатыгар олус туһалаах, күөмэй ыарыытын эмтииргэ аналлаах, С битэмиининэн уонна каротинынан баай. Ол иһин 2016 үөрэх сылыттан саҕалаан оскуолабыт оҕолоро 100% хабыллан, күһүн уонна саас икки нэдиэлэ устата дьөлүһүөн битэмииннээх утаҕын иһэбит. Ол туһунан үөрэнээччилэр чинчийэр үлэ, кэтээн көрүү ыытан,биһиги оскуолабытыгар тымныйан ыалдьыы бырыһыана намтаабытын дакаастаатыбыт.Фитобарбытыгар 12 суол араас оту хомуйабыт – кучу, боҕуруоскай, үөрэ, кытыан, хатыҥ үнүгэһэ, оҕонньор ото (Вероника седая), тиит мас лабаатыгар үүнэр лабыкта, үөт хатырыга, сугун абаҕата, уҥуохтаах отон сэбирдэҕэ, ата илик ньургуһун сибэккитэ уо.д.а.
Түөрт суол араас настойканы оҥорон атыылыыбыт – ата илик ньургуһун, бэс эдэр иннэтэ, хатыҥ саҥардыы аппыт сэбирдэҕэ, рябина. Бу оттору үөрэнээччилэр оскуолабыт Хаптаҕайдааҕы «Юность», Ороссолуодатааҕы “Дружба” сайыҥҥы лааҕырдарыгар бэлэмнииллэр.
Фитобар үлэтин чэрчитинэн, сыл аайы саҥа бородууксуйаны толкуйдуурга, оҥорон таһаарарга кыһаллабыт.
Быйылгы үөрэх сылыгар 5 суол саҥа бородууксуйалаахпыт – “Уоскулаҥ сыттыг”а (нууччалыыта «Подушка-душка»), үөрэ отуттан атах таҥаһыгар угуллар стелька, арчыланыы набора, эмтээх ванналар, “Саха тууһа”, моль утары эмп.
Саҥа бородууксуйалар тустарынан фитобар салайааччытын Роза Петровна Васильеваны кытта сэһэргэстибит:
—“Уоскуолаҥ сыттыга” туохтан оҥоһулунна? Киһи доруобуйатыгар хайдах дьайарый?
— Бу сыттык эмтээх отторунан толоруллубут. Бу сыттыкка утуйдахха эбэтэр оронуҥ таһыгар ууран кэбистэххэ, сытыттан дууһаҥ уоскуйар, ньиэрбэҥ сынньанар уонна утуйарга көмөлөһөр. Сыттык сирэй өттүн оҕолор сахалыы саахымат ньыматынан үлэ уруогар тиктилэр. 11 кылаас үөрэнээччитэ Варя Захарова сахалыы харысхал уруһуйун түһэрэн киэргэппитэ.
—Үөрэ отуттан атах таҥаһыгар угуллар стелька көннөрү стелькаттан туох уратылааҕый?
—Атах таҥаһыгар уктахха, куһаҕан сыттаммат, атахха олус чэбдик туругу биэрэр уонна атах “грибогун” утары охсуһарга көмөлөһөр. Нэһилиэнньэ олус кэрэхсээтэ. Оҕотуттан саҕалаан ийэтигэр, аҕатыгар тиийэ араас кээмэйдээх гына оҥоробут.
—«Арчылан» нобуор туохха аналлааҕый?
—Дьиэни ыраастыырга, алгыска туһанарга. Манна боҕуруоскай, үөрэ отторо, кытыан, туос уонна кыл барыта биир хааҕа угулла сылдьар. Бу нобуор сүрдээх үчүгэйдик атыыга барар.
—Эмтээх ванналары туохтан оҥордугут?
— Фитобарбытыгар 3 суол араас эмтээх ванналары оҥоробут – «Хвойная», «Березовая» уонна «Чэбдигир» диэн. «Чэбдигир» ваннабытын Улан-Удэ куоракка баар “Центр Восточной медицины” рецебинэн оҥорбуппут. Сүрүннээн уҥуох, сүһүөх ыарыыларыгар туһалаах. Хас биирдиитэ быһаарыы суруктаах. Туохтан турара, хайдах, хас мүнүүтэ бэлэмниириҥ.
—Саха тууһа көннөрү туустан туох уратылааҕый?
— Сунтаар Кэмпэндээйитигэр олус ыраас айылҕа тууһа хостонор. Дьокуускайга куулунан аҕалан атылыыллар. Ону атыылаһан, билиэндиргэ күөх үүнээйилэри эбэн, буккуйан, «Саха тууһа» диэн оҥорбуппут. Онно киирэр петрушка, укуруоп, моонньоҕон сэбирдэҕэ уонна боҕуруоскай. Ото 35%, тууһа 65%. Иһиттээн, суруктаан атыылыыбыт.
—Моль утары эми хайдах оҥордугут?
— Кытыан уонна сугун абаҕата диэн сүрдээх сыттаах оттор бааллар. Ону хомуйан, куурдан-хатаран, наардаан, курдары көстө сылдьар кыра мөһөөччүккэ угаттаан “саше” оҥордубут. Суруктаан-бичиктээн быыстапкаҕа атыылаатахпытына, олус кэрэхсээн ылаллар. Бэргэһэ иһигэр, сагынньахха эбэтэр ыскаапка таҥас быыһыгар уган моль харамайы үүрэргэ туһалаах.
—Роза Петровна, сиһилии сэһэргээбиккэр махтал!
Бу курдук, фитобарга үөрэнээччилэр айымньылаахтык, дьүккүөрдээхтик үлэлэлэһэн, сыл аайы саҥаттан саҥа бородууксуйаны таһаараллар.
Ааптардар: Саина Маркова, Изабелла Романова.
“Мэҥэбил” пресс-киин.