Аҕа — дьиэ кэргэн туллубат тулааһына, ыал модун кыаҕа, сүрүннүүр күүһэ. Кини байылыат, дьоллоох олоҕу тѳрүттээччи. Уол оҕо иитиитигэр аҕа сүрүн оруолу ылар.
Психологическай ыйынньык чэрчитинэн, алтынньы 19 күнүгэр Ф. Г. Охлопков аатынан Майа орто оскуолатыгар «Аҕа уолунаан» диэн интеллектуальнай оонньуу ыытылынна.
Бу тэрээһиҥҥэ 5-8 кылаас үөрэнээччилэрэ аҕаларын, убайдарын кытта кыттыыны ыллылар. Оонньуу хаамыыта икки хамаандаҕа архсан барда. Түмүккэ, «Хотойдор» диэн хамаанда кыайыылаах буолан таҕыста! Бары кыттааччыларга өйдөбүнньүк сувенирдар, туоһу суруктар туттарылыннылар.
keskil14.ru