Хас биирдии киһи төрөөбүт дойдутун, алааһын, куоратын таптыыр. Мин бэйэм олорор дэриэбинэбин, Майаҕаспын, таптыыбын. Сыыр үрдүгэр таҕыстахпына, Мүрү алаас кэрэ көстүүтэ барыта арыллар. Алаас дьикти айылҕатыттан хараҕым арахсыбат.
Майаҕаспын таптыыбын,
Айылҕатын маныыбын.
Мүрү алааһым кэрэтин,
Астынабын, кэтиибин.
Биһиги дэриэбинэбит туһунан Светлана Хаютанова “Майаҕаһым барахсан” диэн ырыалаах эбит:
Тойон Мүрү куулатыгар,
Көнө налыы хонуутугар
Күҥҥэ дьолу тардыһа,
Майаҕаһым сайынна…
Манна этиллэрин курдук, бу кэрэни киһи тылынан барытын кыайан дьүһүйбэт. Күн киирэн эрдэҕинэ, Майаҕаспын көрдөхпүнэ, остуоруйаҕа сылдьар курдук сананабын. Майаҕаспын оннук күүскэ таптыыбын.
Айталана Пухова,
Майаҕас орто оскуолатын VII кылааһын үөрэнээччитэ.