Биһиги Сахабыт сирин курдук тымныы тыйыс айылҕалаах дойдуга туох үүнүөй дииллэр даҕаны, биһиэхэ виноград, клубника, арбуз да үүннэрэр дьон баар. Оттон саамай кэрэ, сааскы сибэккини, тюльпаны, эмиэ үүннэриэххэ сөбүн истибиккит?
Мэҥэ-Хаҥалас улууһун Майа сэлиэнньэтин олохтоохторо, Санниковтар дьиэ кэргэн, үһүс сылларын бу ураты дьарыгынан дьарыгыраллар. Сыл аайы кинилэр уон араас дьүһүннээх тюльпан көрүҥнэрин үүннэрэллэр, кэрэ сааскы бырааһынньыктарга анаан сибэккилэрин атыылыыллар, дьону-сэргэни үөрдэллэр. Онон ыал саамай сүрүн баҕа санаата, сыала туолбута.
«Хайдах бу тюльпан сибэкки үүннэриитин курдук интэриэһинэй дьыаланы саҕалыырга кэлбиккитий?» диэн ыйытыыга ыал ийэтэ Надежда Сергеевна маннык эппиэттиир: Кэргэммин кытта биһиги дьиэ кэргэн бары сөбүлүүр дьарыктаах буолуохтаахпыт диэн санаалаах этибит. Элбэх дьыаланан дьарыктанан көрбүппүт, олус элбэх атын идиэйэлэр бааллара. Ол эрээри, биһиги ураты дьарыгынан дьарыктааныахпытын баҕарарбыт, ол иһин тюльпан үүннэрэн көрөргө санаммыппыт.
Санниковтар 8 сыл аннараа өттүгэр тюльпан үүннэриитигэр бастакы табыллыбатах холонуулара буолбут. Ол эрээри санааларын түһэрбэккэ, 2021 сыллаахха иккистээн бу дьарыгы сөргүтэн, саҕалаан көрөргө санаммыттар. Идиэйэлэрин олоххо киллэрээрилэр соҕурууттан 10 тыыһынча умнаһы (луковица) атыыласпыттар, анабыл дьиэ туппуттар, наадалаах анал тэриллэри ылбыттар. Тюльпан үүнэригэр элбэх усулуобуйа наада эбит: биир тэҥ температура, салгын сиигэ, хамсааһына, анал көрүү уонна ньыма.
«Тюльпаны биһиги гидропоннай технологияҕа үүннэрэбит, ол аата ууга», — диэн Санниковтар «сэкириэттэринэн» үллэстэллэр.
Сахабыт сирин олохтоохторун бэйэбит дойдубутугар үүнэр тюльпаннар олус соһуталлар, үөрдэллэр уонна интэриэһиргэтэллэр. «Биһиги сибэккилэрбитин бүтүн өрөспүүбүлүкэбит бары муннуктарыттан атыылаһаллар. Сүрүннээн чугас сытар улуустар уонна Дьокуускай куорат. «Бэйэ үүннэрии сибэккилэрэ сибиэһэйдэр, ол иһин вазаҕа өр тураллар», — диэн Надежда Сергеевна сэһэргиир.
Дьон биһирэбилин көрөннөр, тюльпан үүннэриитин дьоҥҥо-сэргэҕэ тарҕатаарылар, Вячеслав Иннокентьевич уонна Надежда Сергеевна үөрэх ыытарга санаммыттар: «Биһиги сүрүн сыалбыт — бу хайысханы өрөспүүбүлүкэбитигэр тарҕатыы. Онон ааспыт күһүн атын улуустартан баҕалаах дьону тюльпаннары үүннэрэргэ үөрэттибит»
Тюльпан үүннэриитигэр кинилэр улахан кыыстара уонна чугас дьонноро сэҥээрэн, сөбүлээн, таптаан туран кыттыһаллар.
Инникитин даҕаны Санниковтар дьиэ кэргэн тус дьарыктарыгар өссө да элбэх ситиһиилэри, дабайыылары баҕарабыт. Кэрэ, чаҕылхай сибэккилэргит дьон-сэргэ ологун киэргэтэн, өссө да үөрдэ турдуннар!
Нюргуяна Макарова,
XI кылаас,
И.Г. Тимофеев аатынан Майа лиссиэйэ,
Мэҥэ Хаҥалас