Биһиги, «Кэскил» медиа-оскуола юнкордара, бүгүн Бэчээт дьиэтигэр бары бииргэ түмсэн аастыбыт. «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһатын үлэһиттэрэ, куратордарбыт биһиэхэ анаан остуол тэрийбиттэр, пицца сакаастаабыттар.
Наһаа үчүгэйдик оонньоттулар. Оҕолор Сайыҥҥы спартакиадаларын сырдатыыга туох ыарахаттары көрсүбүппүтүн, тугу сөбүлээбиппитин, тугу сөбүлээбэтэхпитин туһунан кэпсэттибит.
Бары кэриэтэ интервью ылааһыҥҥа, дьону кытта кэпсэтиигэ ыарахаттары көрсүбүт эбиппит уонна бары куратордарбытын сөбүлээбиппит.
«Кэскил» оҕо бэчээтин кыһатын дириэктэрэ Ольга Ивановна Семенова Спартакиаданы сырдатыыга бэйэбит баҕабытынан кэлбиппитин истэн хайҕаата. Кини эмиэ оҕо сылдьан маннык тэрээһиннэргэ дьоно ыытымаары гыннахтарына, ытаан туран кэлэр эбит. «Ол түмүгэр бу бүгүн эһиги иннигитигэр турабын», – диэтэ. Мин бу этиини наһаа сөбүлээтим.
Биһиэхэ сайын устата элбэхтик суруйун диэн сорудах биэрдилэр. Нэһилиэкпитигэр ыытыллар ыһыах спортивнай күрэхтэһиилэрин сырдатыах буоллубут.
Түмүккэ Спартакиаданы сырдатыыга үлэлээбиппит иһин Саха өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕин миниистирин бастакы солбуйаачыта Алевтина Степановна Аргунова илии баттааһыннаах Махтал суругун туттардылар.
Оҕолору кытта бириэмэбин бэркэ атааран сэргэхсэйдим. Сорох оҕолор салгыы үлэлии бардылар. Онтон мин сырдаппыт көрүҥүм тустуу бэҕэһээ түмүктэммит буолан, бүгүн сынньанабын. Сарсын Спартакиада үөрүүлээх сабыллыытыгар барабын.
Иванна Николаева, «Кэскил» медиа-оскуола юнкора, Хадаар, Чурапчы.