Бу күннэргэ хас биирдии оскуолаҕа бүтэһик чуораан чугдаарар. Быйыл олох киэҥ аартыгар үктэнээри сылдьар оҕолорго саамай долгутуулаах уонна быһаарыныылаах кэм. Бүгүн мин выпускниктары кытта кэпсэттим. Кинилэри билигин туох долгутарын, үөрдэрин, хомоторун, устудьуон кэмин туһунан туох санаалаахтарын туоһуластым.
Игорь Захаров, Амма улууһун Эмис орто оскуолатын XI кылааһын үөрэнээччитэ:
−Оскуоланы бүтэрэн эрэрбин өссө да толору ылына иликпин. Эмиэ да хомойобун эмиэ, да үөрэр курдукпун.
Эксээмэннэрбэр дьаныһан туран бэлэмнэнэ сылдьабын. Математикаҕа, нуучча тылыгар, обществознаниеҕа, нуучча литературатыгар туттарыахтаахпын.
Кыра эрдэхпиттэн быраас буолар баҕа санаалааҕым. Улаатан, ис санаабын ырытынан көрбүтүм, сүрэҕим атыны баҕарар эбит. Онон толкуйданан, ыраҥаланан баран олохпун култуура, музыка кэрэ эйгэтин кытта ситимниэхпин баҕарабын. Аныгы кэм ыччата буоларым быһыытынан, соҕуруу куоракка үөрэххэ туттарсар баҕалаахпын.
Устудьуон олоҕун туһунан ийэлээх аҕам, аймахтарым куруук кэпсииллэр. Мин бэйэм саныахпар, ыарахаттардаах да буоллар, эдэр саас умнуллубат кэрэ кэмэ буолуо дии саныыбын. Туспа баран, улахан киһи олоҕор үктэнэрим бэйэбиттэн улахан эппиэтинэһи ирдиир. Инникитин хайдах киһи буола үүнэрим онно көстөн кэлэр дии саныыбын.
Оскуолам сыллара үгүс үтүө кэми бэлэх ууннулар. Оскуола боруогун аан бастаан атыллаан киирэр күммүн уонна бу бүтэһик чуорааммын хаһан да умнуом суоҕа. Кылааһынан араас күрэхтэргэ кыттан оскуолабыт чиэһин көмүскүүр түгэннэрбин куруук күндүтүк саныаҕым.
Элбэх билиини-көрүүнү биэрбит, тапталлаах оскуолабар махталым муҥура суох. Бары үөрэппит учууталларбар, бэйэтин оҕолорун курдук илдьэ сылдьыбыт кылааһым салайааччытыгар, дьарыктаабыт тренербэр, куруук өйөбүл буолар төрөппүттэрбэр, элбэх умнуллубат түгэннэри хаалларбыт чугас доҕотторбор, табаарыстарбар, бииргэ үөрэммит кылааһынньыктарбар махтанабын. Төрөөбүт-үөскээбит дойдубут сайдарыгар туһугар үлэһит дьон буолан кэлэн, төһүү күүс буолуохпут диэн эрэнэбит!
Александр Местников, Уус Алдан улууһун Мүрүтээҕи “Уолан” гимназия XI кылааһын үөрэнээччитэ:
−Билигин миэхэ олус улахан суолталаах кэм. Олох киэҥ аартыгар үктэнэн эрэрбиттэн олус долгуйабын. Олохпутугар улахан уларыйыылар күүтэллэр. Онтон үөрүөхпүн дуу, хомойуохпун дуу бэйэм да билбэппин.
Биир кэлим эксээмэммэр нуучча тылын, математиканы уонна информатиканы туттарабын. Бу предметтэргэ сыл устата бэлэмнэнэн кэлбитим ол иһин үчүгэйдик туттарыам диэн эрэллээхпин.
Тутааччы-инженер идэтин талбытым. Тоҕо диэтэр черчение предметин сөбүлүүбүн, олимпиадаларга үрдүк ситиһиилээхтик кыттабын.
Устудьуон олоҕо уустуктардаах да буоллар, саамай бэһиэлэй, умнуллубат эдэр саас кэмнэрэ күүтэллэр. Элбэх дьону кытта билсэн-көрсөн, алтыһан, сороҕор сыыһан, үөрэнэн, олоххо бэйэтин миэстэтин булар.
Онтон оскуола саамай умнуллубат түгэннэринэн миэхэ аан бастакы Билиим күнэ, ону тэҥэ гимназиям үгэс буолбут тэрээһиннэрэ буолаллар. Интэринээккэ олорор буоламмын, 7 сыл олус бэһиэлэйдик, түргэнник ааста. Ганчос, Дима уонна Смирняк курдук олохпор эрэллээх доҕоттордоохпунан дьоллоохпун.
Түгэнинэн туһанан, алын сүһүөх кылаастарга уһуйуллубут Иннокентий Васильевич Пухов аатынан Окоемовка сүрүн оскуолатыгар уонна V кылаастан саҕалаан үөрэммит Василий Васильевич Алексеев аатынан Мүрүтээҕи “Уолан” гимназияҕа улахан махталбын тиэрдэбин. Бу оскуолалар көмөлөрүнэн мин киһи буолан улаатан, такайыллан таҕыстым. Өрүү өйдүү-саныы сылдьыаҕым.
Саввина Лилиана, Өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэй-интэринээт XI кылааһын үөрэнээччитэ:
− Чиэһинэ эттэххэ, наһаа долгуйбаппын, ол эрээри оскуоланы бүтэрэн барарым, улахан аартыкка үктэнэрим син биир санаабын тууйа тутар. Оскуоланы бүтэрэрбиттэн хомойуохпун да, үөрүөхпүн да билбэппин. Ол эрээри киһи олоҕо биир сиргэ турбат, иннин хоту баран иһэр. Онон куттаммакка саҥа саҕахтары арыйан иһиэххэ наада.
Эксээмэннэрбэр нуучча тылын, математиканы, омук тылын уонна обществознаниены туттарабын. Толору бэлэммин дии сананабын. Төһө кыалларынан бэлэмнэнэн сатаатым уонна учууталларым көмөлөрүнэн элбэх саҥаны биллим, үөрэнним.
Россия киин куораттарын университеттарыгар туттарсыахпын баҕарабын. Мин санаабар, онно киһи сайдар кыаҕа үрдүк.
Мин устудьуоннуур сыллартан үгүс үтүө түгэннэри, эрэллээх доҕоттору, элбэх билиини, сайдыыны күүтэбин. Устудьуон олоҕун бары наһаа кэрэ кэмнэр дииллэр, хайдах эбитэ буоллар… Сотору кэминэн бэйэм билиэм турдаҕа диэн эрэнэбин.
Оскуолаҕа үөрэммит кэмнэрбин, араас күндү түгэннэрбин хаһан да умнуом суоҕа. Бу мин оҕо сааһым буоллаҕа… Саамай умнуллубат кэмнэрим Х уонна XI кылааска үөрэммит сылларым буоллулар. Саҥа оскуолаҕа көһөммүн үгүс доҕордоннум, саамай үчүгэй учууталларданным, элбэх билиилэнним уонна интэринээт олоҕо хайдах буоларын биллим. Биһиги лиссиэйбит эйгэтэ наһаа туспа, ураты диэхпин баҕарабын. Манна үөрэнэр оҕолор үөрэххэ наһаа тардыһаллар, кыһаллаллар. Кинилэри кытары мин үрдүккэ, кэрэҕэ, сырдыкка эрэ талаһарга үөрэнним!
Лиссиэйим – мин иккис дьиэм. Оскуолабын наһаа сыаналыыбын уонна таптыыбын! Учууталларбар наһаа махтанабын уонна кинилэр үлэлэригэр сүгүрүйэбин. Оскуолам дириэктэригэр Иван Иванович Шамаевка ис сүрэхпиттэн махталбын тиэрдиэхпин баҕарабын!
Күндү учууталларым, оскуолам үлэһиттэрэ, администрацията, эһиги үлэҕит таһаарыылаах, ситиһиилээх, үтүө түмүктээх буоллун! Мин лиссиэйбин таптыыбын!
Максим Канаев, Ньурбатааҕы техническэй лиссиэй XI “А” кылааһын үөрэнээччитэ:
−Оскуоланы бүтэрэн эрэрбин улаханнык итэҕэйбэккэ сылдьабын. Хайдах эрэ барыта түргэн баҕайытык ааһан хаалбыт курдук. Хаһан эрэ I кылааска киирэн эрэр курдук этим, билигин номнуо бүтэрэн эрэбин… Онон хомойорбун да, үөрэрбин да билбэппин.
Биир кэлим эксээмэҥҥэ талбыт предметтэрим: история, обществознание, математика, нуучча тыла. Бу эксээмэннэртэн олус долгуйабын, кинилэр наһаа элбэҕи быһаараллар. Ол эрээри син бэлэммин дии саныыбын.
Чопчу ханнык үөрэххэ туттарсыахпын билбэккэ сылдьабын. Баҕарарым элбэх курдук эрээри экономист, юрист идэтин таларым буолуо дии саныыбын.
Мин санаабар, устудьуон олоҕо олус интэриэһинэй буолуо. Элбэх доҕордоноҕун, атын куоракка баран үөрэнэҕин, үгүһү билэҕин-көрөҕүн. Ол эрээри төрөппүттэрбин наһаа ахтарым буолуо.
Оскуолаҕа үөрэнэр сылларбар табаарыстарбын кытта оонньоон, мэниктээн, мөҕүллэн бөҕө буолааччыбыт. Хас кыттыбыт күрэхпит аайы ситиһиилэнээччибит. Ол барыта мин өйбөр-санаабар кэрэ кэмнэр буолан хаалаллар.
Үөрэммит оскуолабар, үөрэппит учууталларбар улахан махталбын тиэрдэбин. Кинилэр баар буолан билии бөҕөтүн ылан, оскуоланы бүтэрэн эрэбит. Билиим кыһатын иккис дьиэм курдук саныыбын.
Валерия Обоева, Ньурба 1-кы №-дээх оскуолатын XI “Б” кылааһын үөрэнээччитэ:
− Оскуолаттан арахсар кэммит чугаһаата. Олус долгуйабын дии санаабаппын эрээри үөрэрбин дуу, хомойорбун дуу билбэппин.
Эксээмэннэрбэр бэлэм соҕуспун дии саныыбын. Өссө да күүскэ бэлэмнэниэм.
Мин юрист идэтин талбытым. Хаһан баҕар, ханна баҕар наадалаах идэ дии саныыбын.
Сотору кэминэн күүтэр устудьуон олоҕо эппиэтинэстээх, бэһиэлэй буолуо дии саныыбын. Номнуо улаатан туспа барабыт, бэй эбит иннибитин көрүнэр буолабыт.
Биирдэ маҥнайгы кылааска киэһэ үөрэнэн бүтэн баран, дьоммор эппэккэ оонньуу баран хаалбытым, уһуйааммар киирэн тахсыбытым, ахтыбытым буолуо. Дьонум хараҥаран көрдөөбүттэр этэ. Ол кэнниттэн оскуолаҕа учууталлар күрүөйэх кыыс диэн ааттаабыттара.
Үөрэммит оскуолабар, учууталларбар кытаанах доруобуйаны, түбүктээх, эппиэтинэстээх идэлэригэр айымньылаах үлэни баҕарабын
Алексеева Людмира, Үөһээ Бүлүү улууһун Тамалакаан орто оскуолатын XI кылааһын үөрэнээччитэ:
−Мин оскуоланы бүтэрэрбин өр күүппүт буолан наһаа долгуйбаппын, биллэн турар, кыратык хомойобун.
Эксээмэннэрбэр нуучча тылын, математиканы, саха тылын уонна нуучча литературатын туттарыахтаахпын. Билиҥҥи туругунан син бэлэммин дии сананабын. Онтон ханнык үөрэххэ барарбын эксээмэннэрим түмүктэриттэн быһаарыныаҕым, билигин чуолкайын билбэппин.
Устудьуон олоҕо киһиттэн бэйэтиттэн тутулуктаах буолуо дии саныыбын. Саамай үчүгэй кэм буолуо диэн эрэнэбин.
Оскуолаҕа үөрэммит сылларым тухары көрүдьүөс, умнуллубат, бэһиэлэй түгэн олус элбэх.
Биһигини үөрэппит учууталларбар махталым муҥура суох. Кинилэр үгүһү үөрэтэн, киэҥ билии биэрбиттэриттэн үөрэбин.
Слава Иванов, Үөһээ Бүлүү улууһун Тамалакаан орто оскуолатын XI кылааһын үөрэнээччитэ:
−Оскуоланы бүтэрэрбиттэн долгуйабын, үөрэбин да, хомойобун да. Номнуо бүтэрэ оҕустум дуу диэммин мунчаарабын.
Биир кэлим эксээмэннэрбин туттарарбар бэйэбэр эрэллээхпин. Нуучча тылыттан уонна математикаттан ураты талбатаҕым.
Докумуоннарбын бэйэм баҕарар хайысхам өттүнэн барытыгар биэриэм уонна ханныкка ылалларынан киириэм.
Устудьуон сыллар биир өттүнэн уустук, атын өттүнэн бэһиэлэй буолуохтара дии саныыбын.
Үөрэммит оскуолабар, учууталларбар барҕа махталбын тиэрдэбин.
Юлиана Бояркина, Үөһээ Бүлүү улууһун Тамалакаан орто оскуолатын XI кылааһын үөрэнээччитэ:
−Оскуолам истиэнэтигэр үөрэнээччи быһыытынан сылдьарым кылгас кэм хаалбытыттан долгуйабын.
Сотору биир кэлим эксээмэннэрбит буолуохтара. Онно бэйэбэр эрэллээхпин, үчүгэй бэлэмнээхпин дии саныыбын.
Устудьуоннуур сыллар диэн олус кэрэ кэмнэр буолуо. Долгуйа күүтэбин.
Маҥнайгы кылаастан оскуоланы бүтэриэхпитигэр диэри үөрэппит, үгүс билиигэ сирдээбит учууталларбар барыларыгар махтанабын. Сир үрдүгэр баар бары үтүөнү, үчүгэйи баҕарабын.
Гульнара Мукминова, Үөһээ Бүлүү улууһун Тамалакаан орто оскуолатын XI кылааһын үөрэнээччитэ:
−Оскуола үөрэнээччитэ буолан бүтэн эрэрбиттэн олус үөрэбин.
Эксээмэннэрбиттэн наһаа долгуйбаппын, син бэлэмнээхпин, онон туттарыам дии саныыбын.
Мин медколледжка туттарсабын. Дьон доруобуйатын туһугар үлэлиир-хамсыыр саамай туһалаах уонна хайҕаллаах идэ буолар дии саныыбын.
Устуодьуон кэмэ диэн бастаан ыарахан буолуо, онтон саҥа дьону кытта билсиһии, киэҥ эйгэҕэ киһи өй-санаа өттүнэн өссө сайдыа дии саныыбын.
Оскуолам миэхэ элбэх умнуллубат кэми бэлэхтээтэ. Олортон саамай күндүтүк саныыр күнүм 2021 сылы көрсөр Саҥа Дьыл бырааһынньыга буолар.
Үөрэммит оскуолабар махталбын тылбынан сатаан эппэппин. Оннук улахан…
Лилия Федорова, Хаҥалас улууһун II Малдьаҕар орто оскуолатын XI кылааһын үөрэнээччитэ:
−Оскуоланы бүтэрэн эрэрбиттэн олус долгуйабын.Бииргэ улаатан тахсыбыт оҕолорбун кытта сотору кэминэн бары тус-туспа суолунан барабыт. Онтон хомойобун, ол эрээри сибээспитин быһыахпыт суоҕа. Учууталларбын, доҕотторбун, оскуолабын ахта-саныы сылдьыам, өрүү махталлаах буолуом.
Дьэ, биир кэлим эксээмэҥҥэ 11 сыл устата ылбыт билиибитин тургутан көрөөрү сылдьабыт. Долгуйбакка, бары туттарыахпыт дии саныыбын. Мин нуучча литературатын таллым.
Култуура үөрэҕэр туттарсар былааннаахпын. Тоҕо диэтэххэ кыра эрдэхпиттэн үҥкүүһүт буолар баҕа санаалаахпын.
Дьон этэринэн киһи олоҕор саамай бэһиэлэй уонна умнуллубат түгэннэр бары устудьуон олоҕор сыһыаннаахтар. Ол иһин мин эмиэ эдэр саас умнуллубат кэрэ кэмэ буолуо диэн эрэнэбин.
Оскуола сылларыгар саамай умнуллубат түгэннэринэн араас күрэхтэһиилэргэ, куонкурустарга кыттыыбыт буолар. Холобур, Уус Тааттаҕа тиийэн өбүгэ оонньууларыгар күрэхтэспит күннэрбит наһаа бэһиэлэй, долгутуулаах этилэр. Бииргэ үөрэммит оҕолорбун кытта алын кылааска Москва, Санкт Петербург куоракка бараммыт үҥкүүлээн, ыллаан, күүлэйдээн бириэмэбитин атаарбыппыт эмиэ умнуллубат. “Эрэл” оҕо түмсүүтүгэр сылдьан элбэҕи биллим-көрдүм, элбэххэ үөрэнним. Оҕолору түмэр, мунньар талааннаах учууталбар Надежда Петровнаҕа улахан махталбын тиэрдэбин. Көхтөөх үөрэнээччилэр оскуолабытыгар өссө элбиэхтэрин баҕарабын. Ону тэҥэ кылааспыт салайааччытыгар Варвара Васильевнаҕа биһигини көрөн-истэн, ийэбит кэриэтэ бүөбэйдээн, элбэххэ үөрэтэн-угуйан улаатыннарбыккар махталым муҥура суох. Мин холобур оҥостор, өйдүүр-өйүүр киһим, үлэҕэр үрдүк ситиһиилэри баҕарабын. Үөрэммит оскуолабар билиини биэрбиккэр махтанабын.
Александра Сивцева, Чурапчы улууһун Арыылаах орто оскуолатын XI кылааһын үөрэнээччитэ:
−Оскуоланы бүтэрэн эрэрбиттэн олус долгуйабын.
Эксээмэммэр обществознаниены, математиканы, нуучча тылын туттарабын. Бэлэммин дии саныыбын.
Мин экономическай хайысхалаах идэҕэ туттарсыахпын баҕарабын. Тоҕо диэтэххэ кыра эрдэхпиттэн суоттуурбун олус сөбүлүүбүн.
Устудьуон олоҕо диэн киһи олоҕун биир кэрэ кэмэ буоллаҕа дии. Хаһан да умнуллубат.
Оскуолам сылларыгар буолан ааспыт түгэннэри хаһан да умнуом суоҕа. Бары миэхэ улахан үөрүүнү бэлэхтээбиттэрэ.
Билиини биэрбит оскуолабар үтүө сыллар иһин махталбын тиэрдэбин. Өссө да сайдан ис диэн баҕа санаабын аныыбын.
Ньургун Потапов, Чурапчы улууһун Арыылаах орто оскуолатын XI кылааһын үөрэнээччитэ:
−Аны оскуолаҕа үөрэнэ кэлбэппин дии санаатахпына хомойобун. Оттон олох киэҥ аартыгар үктэнэрбиттэн үөрэбин.
Биир кэлим эксээмэннэрбэр нуучча тылын, математиканы, информатиканы туттараары сылдьабын. Бэлэммин дии саныыбын.
Мин туттарсыахпын баҕарар хайысхам ХИФУ-га уонна АГАТУ-га баар. Онон ити икки университекка докумуоннарбын биэриэҕим.
Сотору кэминэн этэҥҥэ устудьуон буолуом. Олус үчүгэй, интэриэһинэй кэмнэр күүтэллэр дии саныыбын.
Оскуолаҕа үөрэммит сылларым үтүө түгэннэринэн толорулар. Хаһан эрэ оскуолаҕа да хонон турардаахпыт. Ону тэҥэ “Зарница” диэн тэрээһини олус диэн сөбүлүүбүн.
Алена Аргунова, Ф.Г. Охлопков аатынан Майа орто оскуолатын XI кылааһын үөрэнээччитэ:
−Оскуолаҕа үөрэнэр 11 сыл киһи олоҕор биирдэ эрэ бэриллэр уонна олус түргэнник кэлэн ааһар. Күн ахсын көрсөр доҕотторбуттан, учууталларбыттан арахсарбыттан хомойо саныыбын, ол эрээри олох киэҥ аартыга угуйара, ыҥырара үөрдэр. Саҥа олох, саҥа кэм саҕаланар.
Обществознаниены уонна нуучча тылын туттараары сылдьабын. Онно бэлэммин, ол эрээри бу хаалбыт күннэри тутуһан, билиибин өссө чиҥэтэн биэрэр санаалаахпын.
Мин инники олохпун саха тылын уонна култууратын үөрэтиини кытта ситимниэхпин баҕарабын. Онон ХИФУ-га туттарсабын.
Устудьуон олоҕо олус интэриэһинэй буолуо диэн эрэнэбин. Саҥа дьону кытта билсиһии, алтыһыы… Барыта иннибитигэр.
Оскуолаҕа үөрэммит хас биирдии күннэрбит интэриэһинэй түгэннэринэн толору этилэр. Уруоктарбыт, переменаларбыт олус бэһиэлэйдик ааһаллара. Ол иһин хас сарсыарда аайы оскуолабар үөрэ-көтө барабын.
Үөрэммит оскуолабар олус махтанабын. Мин манна дьиҥнээх доҕордоһуу диэни биллим, элбэх билиини ыллым, оскуолам миэхэ үгүс үөрүүлээх түгэннэри бэлэхтээтэ. Күндү учууталларбар ис сүрэхпиттэн махтанабын! Кинилэр биһигини элбэх сыл устата үөрэтэн-такайан, ис дууһаларын ууран туран, үтүө дьон буола улаатарбытыгар кыһанан-мүһэнэн арыаллаатылар. Оскуолам бу курдук куруук ыраас, сылаас буоллун, сайда турдун, элбэх оҕо үөрэнэ кэлэн, аатын ааттата турдуннар диэн баҕарабын.
Кристина Спиридонова, Амма улууһун Сатаҕай орто оскуолатын XI кылааһын үөрэнээччитэ:
−Оскуоланы бүтэрэн эрэрбиттэн олуһун диэн долгуйабын, 11 сылы быһа бииргэ үөрэнэн кэлбит оҕолорбун, учууталларбын, оскуолабын кытта быраһаайдаьарбыттан хомойобун.
Мин эксээмэннэрбэр үчүгэйдик бэлэмнэммитим. Сүрүн предметтэри таһынан омук тылын уонна обществознанияны туттарыам. Инникитин киин куораттар үрдүк үөрэхтэригэр туттарсар баҕа санаалаахпын.
Устудьуон буоллахпына бэйэм курдук интэриэстээх оҕолору кытта билсиэм, элбэх саҥаны үөрэтиэм. Олус диэн интириэһинэй, көхтөөх, ону таһынан син биир уустуктардаах буолуо дии саныыбын.
Оскуолам сыллара саамай умнуллубат, кэрэ түгэннэри хаалларда. Кылааспын кытта тыаҕа тахсан, бииргэ оонньоон-көрүлээн киирэрбит. Ол кэмнэри ахтыам-суохтуом.
Оскуолабар, учууталларбар, оҕолорбор улахан махтал тылларбын тиэрдэбин. Эһиги баар буолаҥҥыт мин оҕо сааһым, оскуолам кэмнэрэ олус сэргэхтик, интэриэһинэйдик аастылар. Баҕарыам этэ инникитин өссө да сайда, чэчирии тураргытыгар.
Бэлэмнээтэ Вера Петрова