В.Н. Оконешников аатынан Павловскай орто оскуолатын 5 “б” кылаас үөрэнээччитэ Тимир Егоров Махачкала куоракка Гамид Гамидов аатынан аан дойдуга аатырбыт тустуу бастыҥ түһүлгэтигэр хапсыһыы кистэлэҥнэригэр уһуйуллан, элбэҕи билэн көрөн-кэллэ. Биир кылааска үөрэнэр доҕорбуттан хайдах сылдьан кэлбитин туоһуластым.
— Биһиги, Мэҥэ Хаҥалас тустуук оҕолоро, каникул кэмигэр Дагестаҥҥа сборга баран кэллибит. Бииргэ эрчиллибит уолаттарым үгүстэрэ бэйэбин кытта саастаахтар, бары улуус, өрөспүүбүлүкэ чөмпүйүөннэрэ, призердара. Икки нэдиэлэ устата, күҥҥэ иккилиитэ дьарыктаммыппыт. Иллэҥ бириэмэ көһүннэр эрэ, куорат бэлиэ сирдэринэн экскурсиялаабыппыт. Каспийскай муораны, таас хайалары сөҕө көрбүтүм. Папаха диэн норуодунай бэргэһэлэрин атыылаһан, дьоммор кэһии гынан илдьэ кэлбитим. Мин сборга сылдьан самостоятельнай буоларга үөрэнним. Тустуунан дьарыктанарым туһата элбэх.
Кэпсэттэ Алеся Оконешникова, Павловскай орто оскуолатын медиакиинэ.