Муома улууһун Улахан Чыыстайыгар тыа хаһаайыстыбатын производственнай дьиэ кэргэнинэн көһө сылдьар «Магир» таба ыстаадатыгар күһүҥҥү сынньалаҥҥа оҕолор тиийдилэр. Быйыл каникул күннэрэ уонна таба хараала биир кэмҥэ сөп түбэһэн, оҕолор табаны ааҕыыга сырыттылар.
Бөһүөлэктэн үс «Буран» көлөнөн 10 оҕо кэллэ. Ол курдук, Н.С. Тарабукин аатынан Улахан Чыыстай орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ Эвелина Корякина, Василина Корякина, Сандаара Петрова, Эрсан Петров, Дима Дьячков, Варя, Ганя, Нюргун Алексеевтар, Аделя Тарабукина, Аянесса Прокопьева ыстаадаҕа дьонноругар тиийдилэр. Оҕолор ыстаадаҕа сылдьа үөрүйэхтэр, ол иһин сынньалаҥ буолла даҕаны, сайын, кыһын, үөрэ-көтө дьонноругар — аҕаларыгар, эһэлэригэр, эбэлэригэр кэлэллэр.
Оҕолор бары үлэҕэ барытыгар улахан дьону кытары тэҥҥэ сылдьыһан үлэлииллэр. Хараалга илии-атах хаһан баҕарар наада, ол иһин бу сырыыга оҕолор көмөлөрө олус туһалаах буолла.
Эвелина эһэтин, удьуор табаһыт Дьячков Дмитрий Христофоровиһы кытары табалары аҕаларга көмөлөстө, Дима уонна Эрсан аҕаларын кытары «Буранынан» хараалга бөһүөлэктэн өссө дьону аҕаллылар.
Оҕолор дьонноругар кэлэннэр, «үлэ өссө күргүөмнээхтик барда, бэл, күн-дьыл биллибэккэ ааһар буолла» диэн ыстаада олохтоохторо этэллэр. Онон иһийэн турбут ыстаада олоҕо биирдэ оҕо-аймах үөрүүтүнэн, күлүүтүнэн туола түстэ.
Анна СЛЕПЦОВА.
keskil14.ru