Быйылгыттан, Нам улууһун Д.Ф. Алексеев аатынан 1 Хомустаах орто оскуолатын иһинэн тэриллибит бизнес-инкубатор чэрчитинэн, дириэктэр У.П. Атласова көҕүлээһининэн, туойунан оҥоруу салаата үлэлиир.
Куруһуок салайааччыта Татьяна Алексеевна Жиркова үөрэнээччилэри туойтан иһит-хомуос арааһын оҥорорго, чочуйарга уһуйар.
Туойунан үлэ, маһынан эбэтэр тимиринэн уһаныы, иистэнии былыр былыргыттан өбүгэлэрбит төрүт дьарыктара. Туой иһит саха олоҕор-дьаһаҕар киэҥник туттулларын, алын уонна орто сүһүөх оҕолоро учуоттаан, сэргээн куруһуокка дьарыктаналлар. Лааҕыр үлэһиттэрэ үөрэнээччи тарбаҕа, толкуйдуур дьоҕурдара сайдалларыгар туһалаах буоларыгар улахан болҕомтолорун уураллар.
Куруһуокка оҕолор туойтан сахалыы иһиттэри, көмүлүөктэри оҥороллор. Туой үлэтэ үгүс сыраны эрэйэр. Сороҕор куура туран эбэтэр анал оһоххо “буһар” кэмигэр хайа барыан сөп. Онтон үөрэнээччилэр санааларын түһэрбэккэ, дьулуурдаахтык иннилэрин хоту эрэллээхтик хардыылаан иһэллэр. Киһи бэйэтин сыыһатыттан үөрэнэр буоллаҕа. Оҕолор аныгы олох тэтимигэр тэҥҥэ хардыылаан, урбаанньыт эйгэтигэр сыстан, оҥорон таһаарбыт үлэлэрин дьиэни ыраастыыр оттору кытта холбоон, кыралаан атыыга таһаараллар.
Саҥа саҕалаан эрэр буоламмыт, улахан ситиһиибит суох да буоллар, инникигэ былааммыт киэҥ. Гончарнай круг ыламмыт, оҕолору эбии онно сыһыаран үөрэтиэхпитин баҕарабыт. Оҥоһуктарбыт элбээтэҕинэ, дьон биһирэбилин ылыа, киэҥ эйгэҕэ атыыга тахсыа диэн эрэллээхпит. Хас биирдии оҕо бэйэтэ сүрэҕэ сөбүлүүр дьарыгын булан, дьоҕурун сайыннарыан баҕарабын,– диэн Татьяна Алексеевна санаатын этэр.
Павел Ильин.