Мүрү 1 нүөмэрдээх орто оскуолатыгар суруналыыстыка куруһуога бэрт ситиһиилээхтик үлэлиир. Үс хайысханан 5-8,11 кылаастарга 40-ча оҕо сылдьар. Куруһуок салайааччыта Мария Андреевна Аммосова буолар.
Ааспыт 2020 сыл түмүгүнэн Дайаана Степанова улуус хаһыатын лауреата, «Сыл бастыҥ эдэр кэрэспэдьиэнэ» ааты ылары ситиспитэ. Оҕолор суруйуулара «Юность Севера», «Кэскил» уонна улуус хаһыаттарыгар тахсаллар. Маны таһынан өрөспүүбүлүкэ таһымнаах куонкурустарыгар, «Инникигэ хардыы» уонна да атын научнай-практическай кэнпириэнсийэлэргэ ситиһиилээхтик кытталлар.
Ааспыт үөрэх дьылыгар Настя Ларионова,8-а кыл. оскуолабытыгар сыл түмүгүнэн «Бастыҥ чинчийээччи» үрдүк ааты ылбыта.
Балаҕан ыйын 13 күнүгэр куруһуок 21 оҕото Мүрү нэһилиэгин күнүн көрсө, урукку улуус киинигэр Томторго экскурсияҕа баран кэллилэр. Оҕолору Сэһэн Ардьакыап аатынан историяны уонна кыраайы үөрэтэр түмэл дириэктэрэ Дь.М. Заболоцкай, түмэл үлэһиттэрэ Ю.И. Афанасьева, А.П. Сивцев көрүстүлэр.
Александр Петрович оҕолорго Томтор түҥ былыргыттан дьон-сэргэ таптаан олохсуйбут сирэ буоларын туһунан, нэһилиэк баай историятын сиһилии кэпсээтэ. Оҕолор Бороҕон урукку киинигэр элбэх тутуу баарын интириэһиргээтилэр, Вознесенскай таҥара дьиэтин туһунан кэпсээни сэргээтилэр. Бу Томторго олорбут, үөрэммит дьон: бастакы ревкомовецтар Николай, Михаил Заболоцкайдар, кыһыл партизан Семен Находкин, оройуоҥҥа бастакынан электричество уотун аҕалбыт Дмитрий Алексеев-Кымахы, биллиилээх общественнай деятель Николай Окоемов, суруйааччы Василий Протодьяконов-Кулантай ааттарын биллилэр.
Куруһуок оҕолоро уонна түмэл үлэһиттэрэ инникитин да бииргэ тэрээһиннэргэ кыттарга сүбэлэстилэр, куруук сибээһи тутарга кэпсэттилэр.
Сайаана ПРОТОПОПОВА, Мүрү 1 нүөмэрдээх орто оскуолатын 7-в кылааһын үөрэнээччитэ.