Г.В.Егоров аатынан Мүрү 1 нүөмэрдээх орто оскуолатыгар пионерия 100 сылын үөрүүлээхтик бэлиэтээтилэр. Бу туһунан 6 «в» кылаас үөрэнээччитэ Сандаара Матвеева кэпсиир.
Хас биирдии дьиэ-кэргэҥҥэ бу бэлиэ күн история кэрэһитэ буолар. Эбэлэрбит, эһэлэрбит, ийэлэрбит, аҕаларбыт кыыһар кыһыл хаалтыс баанан, горн, барабан тыаһынан доҕуһуоллатан, пионерскай сбордарга, слеттарга, костерга, «Зарница» оонньуутугар кытталларын долгуйан туран ахталлар.Онтон биһиги, аныгы кэм үйэтин оҕолоро, барыбытын биир өйгө–санааҕа сирдиир, олоххо көҕүлүүр Бүтүн Россиятааҕы оҕолор хамсааһыннарын тула мустабыт. Ол курдук, бу хамсааһын дойдубут президена В.В.Путин ыйааҕынан алтынньы 29 күнүгэр 2015 сыллаахха тэриллибитэ. 4 хайысханан үлэлиир тэрилтэ билигин дойдубут үрдүнэн бары оскуолаларын хабар.
Биһиги оскуола эмиэ онтон туора турбакка, сайтарыгар киирэн, регистрацияны ааһан, ыам ыйын 20 күнүгэр үөрүүлээх быһыыга-майгыга Бүтүн Россиятааҕы оҕо хамсааһыныгар киирэр үөрүүлээх тэрээһинигэр кылааһынан кытынныбыт. Кылааспыт салайааччыта Сардана Рихордовна Крылова, төрөппүппүт, улууска оҕо хамсааһынын салайсыбыт Галина Петровна Матвеева көмөлөрүнэн бу хамсааһын туһунан сиһилии биллибит. Ханнык бырайыактарга кыттыахпытын сөбүн, бэйэбит кылааһынан туох сыаллаах-соруктаах үлэлиэхтээхпитин биллибит. Кылааспыт оҕолорун, учууталларбыт, төрөппүттэрбит иннилэригэр үөрэххэ, общественнай олоххо көхтөөх, чиэһинэй буолуохпут диэн кэс тылбытын эттибит. Онтон дьэ долгутуулаах кэммит хаалтыһы баанар үөрүүлээх кэммит тосхойдо. Оскуолабыт дириэктэрэ Игорь Григорьевич Сивцев, дириэктэри иитэр үлэҕэ солбуйааччы Алексей Михайлович Мигалкин, Галина Петровна Матвеева, Сардана Рихардовна Крылова хаалтыстары баайдылар. Россиятааҕы оҕо хамсааһынын гимнын ыллаатыбыт.
Мин санаабар, маннык үөрүүлээх-быһыыга майгыга оҕо хамсааһыныгар кылааһынан киирии олус долгутуулаах уонна туох тэрилтэҕэ киирэн эрэргин, бэйэҕэр эппиэтинэһи сүгэргэр олус наадалаах. Аны иннибитигэр олус интэриэһинэй бырайыактар, тэрээһиннэр күүтэллэр. Кылааһым оҕолоругар бары өссө түмсүүлээх буолуоҕуҥ диэн ыҥырабын.