Уопсастыбынньык Людмила Валерьевна Николаева уопсастыбаннай добровольческай штабы кытары бииргэ үлэлэһэ сылдьар. Чуолаан кини улахан тэрилтэлэри, олор истэригэр бөдөҥ акционернай хампаанньалары, бааннары кытары үлэни сүрүннүө. Номнуо «Анаабыр алмаастара» хампаанньаттан маҥнайгы улахан көмө киирбит.
Итини таһынан Людмила Николаева өрөспүүбүлүкэ банкирдарын холбоһуктарын баһаарга өйөбүллэрин тэрийдэ. СӨ Ил Дархана Айсен Николаев уопсастыбаннай штаб пуондатыгар 1 мөлүйүөн солк. харчынан көмөнү бэйэтин дьиэ кэргэнин аатыттан ыытта. Кинилэр холобурдарынан «АЛРОСА» ационернай хампаанньа бэрэсидьиэнэ Сергей Иванов 4 мөлүйүөн солк. суумманы көмөҕө ыытта. Маны таһынан Людмила Николаева «Алмаасэргиэнбаан» 10 үлэһитэ штабка көмөҕө кэлэллэрин тэрийдэ, кинилэр уопсастыбаннай штаб үлэлээн бүтүөр диэри бииргэ сылдьыһан, эбии күүс-көмө, илии-атах буолуохтаахтар.
Уопсастыбаннай штаб салайааччыта Афанасий Алексеев этэринэн, Людмила Валерьевна Николаева штаб үлэтигэр киирбитэ, добровольческай хамсааһыҥҥа саҥа сүүрээни киллэрбит. Кини этэринэн, ол иннинэ бааннар, сиртэн хостонор баай промышленноһын сүрүннүүр хампаанньалара төһө даҕаны ыҥырыы, көрдөһүү-сурук барбытын үрдүнэн көмөнү ыыппакка олорбуттар.
Открыт единый счет для переводов юридических и физических лиц:
Автономная некоммерческая организация «Центр по работе с волонтерами Республики Саха (Якутия)» (АНО «ЦПРСВ РС (Я)».)
ОГРН: 1111400002229 ИНН: 1435970687 КПП: 14350100
Банк: ЯКУТСКОЕ ОТДЕЛЕНИЕ N8603 ПАО СБЕРБАНК
БИК: 049805609
Расчётный счёт: 40703810876000002104
Кор. Cчёт: 30101810400000000609