Саха бастакы идэтийбит худуоһунньуга, кыраайы үөрэтээччи, хаартыскаҕа түһэрээччи, этнограф Иван Васильевич Попов мин хос эһэбин Иннокентий Васильевиһы кытта бииргэ төрөөбүттэр. Хос-хос эһэм Василий Степанович Попов, хос-хос эбэм Капиталина Дмитриановна Попова биир дойдулаахпыт режиссёр Любовь Борисова «Кэрэни көрбүт» диэн киинэтигэр көстөллөр.
Төрөппүт аҕам Владимир Ильич Сизых ийэтэ, эбэм Лариса Иннокентьевна Попова. Аҕам өттүнэн өбүгэ эһэбит Дмитриан Дмитриевич Попов, кини сиэнэ худуоһунньук Иван Попов туһунан кэпсээн, төрүччүбүт туһунан билиһиннэрээччи.
Киинэни көрө олорон аҕабын санаатым, кини кэпсээбитэ тыыннанан улахан экраҥҥа көһүннэ. Удьуор дьонум хайдахтаах курдук төрөөбүт дойдуларын таптыылларын, дьоҥҥо-сэргэҕэ чугастарын, элбэх да туһалааҕы оҥорбуттарын илэ көрбүт курдук санаан уйадыйдым, өбүгэлэрбинэн киэн туттарым дириҥээтэ.
Любовь Борисова «Мин үрдүбүнэн күн киирбэт» киинэтин сиэннэрбинээн көрөн турабын. Чахчы талааннаах режиссёр. Киниэхэ баҕарыам этэ, устубут киинэлэрэ аар-саарга аатыран, дьон биһирэбилин, хайҕалын ыла турарыгар.
Наталья Кривошапкина.
Ороһу, Үөһээ Бүлүү.