Лукиннар дьиэ кэргэн Улахан Аан нэһилиэгэр тыа хаһаайыстыбата сайдарыгар бары күүстэрин, сыраларын, билиилэрин ууран туран үлэлии сылдьар улахан дьиэ кэргэнинэн буолаллар. Ыал ийэтэ Лариса Дмитриевна өр кэмҥэ ыанньыксытынан үлэлээбитэ. Билигин кини оҕолоро төрөөбүт нэһилиэктэрэ сайдарыгар, саха төрүт дьарыга сүтэн-симэлийэн хаалбакка, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн иһэригэр тус кылааттарын киллэрэллэр.
Лукина Лариса Дмитриевна
Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан, Лариса сайын аайы «Булгунньахтаах» совхозка доярканан үлэлиирэ. Кыһамньылаах үлэтин иһин оскуола үөрэнээччитин бочуотунай грамотанан наҕараадалыыллар. Өрөспүүбүлүкэтээҕи эдэр ыанньыксыттар конкурстарыгар Лариса 3 миэстэни, улуустааҕыга 1 миэстэни ылан турардаах.
Лариса Дмитриевна Булгунньахтаах сэлиэнньэтигэр 1965 сыллаахха тохсунньу 23 күнүгэр төрөөбүтэ. Булгунньахтаах орто оскуолатын бүтэрэн баран, Лариса кылааһын оҕолорун кытта «Школа — производство — ВУЗ» диэн ыҥырыынан Тойон Арыыга үлэлии барбыта.
Кини маннык кэпсиир: «Икки сыл үлэлээн баран, ыал буолбутум. Ол кэнниттэн Улахан Ааҥҥа көһөн кэлбиппит. Манна олоробут, өр сыл тыа хаһаайыстыбатын эйгэтигэр үлэлээтим. 40-тан тахса сыл дояркалаатым. 7 оҕолоохпун, 15 сиэннээхпин, 1 хос сиэннээхпин. Билигин операторынан үлэлиибин. Сарсыарда эрдэ кэлэбит. Дояркалар 4 чаастан ыан бараллар, онно аппарат бэлэм буолуохтаах. Үлэбит ыарахан да буоллар, киһи үөрэнэр. Үлэлиир усулуобуйабыт үчүгэй. Үлэм кэнниттэн кэтэх сүөһүбүн көрөбүн. Хаста даҕаны өрөспүүбүлүкэтээҕи дояркалар күрэхтэһиилэригэр ситииһиилээхтик кыттан турардаахпын».
Лариса Дмитриевна тыа хаһаайыстыбатыгар өр сылларга таһаарыылаах, эппиэтинэстээх үлэтин иһин СӨ Правительствотын махтал суругун, Тыа хаһаайыстыбатын министерствотыттан, ОАО ФАПК «Якутия» генеральнай директорыттан, Хаҥалас улууһун баһылыгыттан бочуотунай грамоталары, махтал суруктары хаста да ылан турардаах. Лариса Дмитриевна – үлэ бэтэрээнэ, СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, «За вклад в развитие муниципального образования «Мальжагарский 2-й наслег» бочуотунай бэлиэ хаһаайката.
Лукин Анатолий Андреевич
Анатолий 2004 с. 2 Малдьаҕар оскуолатын 9 кылааһы бүтэрэн баран, «Бөртө» сылгы собуотугар үлэлии киирэр. Кыра эрдэҕиттэн сылгыга сыстаҕас буолан, кинини тэрилтэ сылгыһытынан үөрэ-көтө ылар, эдэр, эрчимнээх үлэһиккэ наадыйар кэмнэригэр Анатолий үлэтин саҕалыыр.
Өр сыл эҥкилэ суох үлэлээн, СР Тыатын хаһаайыстыбатын миниистириттэн махтал суругунан, «Туймаада» үп-харчы агропромышленнай хампаанньа генеральнай директорыттан П.С. Ефремовтан Бочуотунай грамотанан наҕараадаламмыта. Билигин Анатолий опыттаах сылгыһыттартан биирдэстэрэ буолар. Кэргэнинээн Екатерина Анатольевналыын 4 оҕолоохтор, 1 сиэннээхтэр. Кэтэх хаһаайыстыбалаахтар.
Лукин Афанасий Андреевич
2008 сыллаахха Афанасий 2 Малдьаҕар орто оскуолатын бүтэрэн баран, Дьокуускайдааҕы индустриальнай-педагогическай колледжка үөрэнэ киирэр. Биир сыл үөрэнэн баран, «Бөртө» сылгы собуотугар сварщигынан үлэлии киирэр. 2012 сыллаахха аармыйаҕа барар, биир сыл буолан баран, төннөн кэлэн, салгыы сылгы собуотугар үлэлиир.
Афанасий бэйэтин эбээһинэһин олус үчүгэйдик толорон, нэһилиэк дьоннорун хайҕалын ылан, бастыҥ сварщик дэттэрэр. Сварщик идэтэ олус умсугутуулаах, киһиттэн билиини, сатабылы эрэйэр. Тыа хаһаайыстыбатын эйгэтигэр элбэх техника туттуллар буолан, сварщига суох сатамматтар. 2023 с. балаҕан ыйыгар Афанасий Андреевич анал байыаннай дьайыыга ыҥырыллан барбыта, билигин дойдутун көмүскүү сылдьар.
Лукин Владислав Андреевич
2005 сыллаахха Владислав 2 Малдьаҕар орто оскуолатын бүтэрэн баран 7 №-дээх Дьокуускайдааҕы лицейгэ үөрэнэ киирбитэ. 2006 сыллаахха үөрэҕин бүтэрэр уонна «Лесник-егерь» 3 разряда диэн специальноһы ылар. Икки сыл, 2006-2008 сылларга, Владислав армияҕа сулууспалыыр. Армия кэнниттэн 2 сыл дойдутугар «Пудов» уонна «Гурьев П.К.» чааһынай предпринимателлэргэ маска үлэлээбитэ. Ол кэнниттэн СХПК «Бөртө-Ас» харабылынан үлэҕэ киирбитэ. Билигин «Туймаада-нефть» тэрилтэҕэ операторынан үлэлиир. Кэргэннээх, кыыс оҕолоох.
Тапыева Анна Андреевна
Анна 2012 сыллаахха 2 Малдьаҕар орто оскуолатын бүтэрэн баран, Дьокуускайдааҕы педагогическай колледжка оскуола иннинээҕи үөрэх салаатыгар туттарсан киирэр. Дойдутугар төннөн баран, маҕаһыыҥҥа атылааччынан үлэлиир. 2018 сылга СХПК «Бөртө-Ас» эт оҥоруу сыаҕар 2 сыл үлэлиир. Ол кэнниттэн «Бөртө» сылгы собуотун Үөрэтэр киинин «Аартык» остолобуойугар асчытынан үлэлиир, 2022 с. бу тэрилтэҕэ сэбиэдиссэйдиир. Кэргэнинээн Иванныын 3 оҕолоохтор.
Тапыев Иван Николаевич
Иван 2012 сыллаахха 2 Малдьаҕар орто оскуолатын бүтэрэн баран аармыйаҕа барбыта. Ити кэнниттэн «Бөртө» сылгы собуотугар сылгы иитээччинэн үлэлээбитэ. Кэнники кэмҥэ СХПК «Бөртө-Ас» эт оҥоруу сыаҕар үлэлээбитэ. 2023 сыл балаҕан ыйыгар анал байыаннай дьайыыга ыҥырыллан барбыта, билигин дойдутун көмүскүү сылдьар.
Лукин Валериан,
М.Е. Васильева аатынан 2-с Малдьаҕар орто оскуолатын
10 кылааһын үөрэнээччитэ.