Бу күннэргэ Сунтаарга логопедтарга, иитээччилэргэ, төрөппүттэргэ «Сөпкө саҥарабын» диэн оҕо тылын сайыннарар ааптарыскай тэтэрээти билиһиннэрэр семинар-практикум нэһилиэктэринэн ыытылла турар.
«Сөпкө саҥарабын» маастар-кылаас тутула оҕо үлэлиир тэтэрээтин ис матырыйаалын, артикуляция, тыыныы, тарбах эрчиллиилэрин уонна логопедическай массааһы хайдах оҥорору билиһиннэрии.
Ахсынньы 13 күнэ маннык сэминээр Бордоҥ нэһилиэгэр буолла. Бүлүүттэн логопед-практик
Екатерина Юрьевна Григорьева Бордоҥ нэһилиэгин иитээччилэригэр, эбээлэригэр маастар-кылаас ыытта, кэлбит дьон кинигэ ылан астынан тарҕастылар.
Маннык тэрээһиннэр олус туһалаахтар, оҕо саҥатын көннөрөргө олук ууруоҕа диэн сылдьыбыттар санааларын эттилэр.
Сунтаар 1 №-дээх орто оскуолата.