Саҥарар дьоҕура ситэ сайдыбатах уонна саҥарарыгар кэһиллиилээх оҕолору кытта үлэлиир логопед-учуутал Алёна Николаевна Давыдова идэтин билиһиннэрэрин, сүбэлэрин «Кэскил» хаһыат суруналыыһа Павел Ильин матырыйаалыгар ааҕыҥ.
Билиҥҥи оҕо аныгы технология өттүгэр наһаа сайдыылаах, билэрэ-көрөрө киэҥ. Ол эрээри уһуйаантан, оскуолаттан ураты атын оҕону-дьону кытта алтыһар эйгэтэ кыараҕас. Таһырдьа тахсан оонньуон – кэтэбил-манабыл, бириэмэ, хааччах. Онон сороҕор айаҕын атан, эн-мин дэһэн кэпсэтэрэ, санаатын атастаһара да аҕыйах буолар. Оччотугар бу оҕо тыла-өһө хайдах сайдарый? Оҕо тыла саамай сайдар кэмэ – төрүөҕүттэн үс сааһыгар диэри. Төрөппүт, оҕоҕо күн сирин көрдөрүөҕүттэн, кэпсэтэн барыахтаах.
Оччоҕо оҕо чуолкайдык саҥарар буолар. Логопед-учуутал Алёна Николаевна Давыдова бэйэтин уонна идэтин туһунан кэпсиир.
– Аан бастаан бэйэн тускунан сырдатыаҥ дуо?
– Мин Өлүөхүмэ улууһуттан төрүттээхпин. Кэргэмминиин биэс оҕону иитэн олоробут. Үс кыыстаахпыт – София алталаах, Виктория, Ева игирэлэр иккилээхтэр. Никиталаах Костяны бу саас иитэ ылбыппыт, кэргэним бырааттара.
– Логопед диэн кимий?
– Логопед оҕо сайдыытын туһунан үчүгэйдик билэр үлэһит. Бастатан туран, оҕону эрэ кытта үлэлэспэккэ, төрөппүтү үлэлэһэр. Холобур, бэйэтин билиитин төрөппүккэ кэпсиир уонна оҕону сайыннарарга көмөлөһөр. “Логопед – это связующая нить между родителями и детьми” диэн этиини бигэргэтэбин.
– Хайдах бу идэни таларга быһаарыммыккыный?
– 2016 сылтан саҕалаан, чааһынай оскуолаҕа түргэнник ааҕыы тренеринэн үлэлээбитим. Саҥарыыга кыһалҕалаах оҕо элбэх. Ону кинилэри үөрэтэргэ мин билиим тиийбэт этэ. Манан сиэттэрэн, мин логопед- учуутал буолуохпун баҕарбытым.
– Ханнык үөрэҕи бүтэрбиккиний?
– ХИФУ ХИНТуоКИ-ту бүтэрбитим. Онтон 2016 сыллаахха үөрэх дуогабарынан түргэнник ааҕыы тренер кууруһун ааспытым. Икки сыл үлэлээбитим. Ол кэннэ логопед буолаары, ХИФУ Быыстала суох үөрэх институтугар 1 сыл үөрэммитим.
– Үлэҥ туһунан сиһилии кэпсиэҥ дуо?
– Логопед оҕо сайдыытын көрөр. Биир ыйдаах оҕо хайдах буолуохтааҕын, тугу гыныахтааҕый, бастаан төбөтүн хайдах көтөхпүтүн барытын билиэхтээх. Тоҕо диэтэххэ, оҕо саҥата сайдыытын кытта быстыспат ситимнээх. Онон логопед быраас, психолог, иитээччи өҥөтүн барытын оҥорор. Оҕолорго бүтэй дорҕоон, аһаҕас дорҕоон диэни быһаарабын, айахтарын, тиистэрин, тылларын хайдах туттуохтаахтарын көрдөрөбүн, дьарыктыыбын, саҥарарга үөрэтэбин. Ол быыһыгар илиилэрэ сайдарыгар тарбахтарын эрчийэбин, уруһуйдатабын. Оҕо сайдыытыгар көмөлөһөр дьарыктары оҥоробут. Билигин харантыын кэмигэр онлайн үлэлиибин.
– Логопед киһи быһыытынан хайдах буолуохтааҕый?
– Оҕону таптыахтаах, өйдүөхтээх, уопсай тылы буолуохтаах. Ону таһынан төрөппүтү, учууталы кытта алтыһаҕын. Ол иһин эн дьону кытта үчүгэйдик кэпсэтэр быһыы-майгы ирдэнэр. “Бу маннык дьарыктаннахха сайдыы барыа, оҕоҕут сатаан бу дорҕоону саҥарыа” диэн төрөппүккэ тиэрдиэхтээххин.
– Бу идэ туох үчүгэйдээҕий?
– Оҕо сатаан саҥарбатах дорҕоонун эрчиллии көмөтүнэн сатаатаҕына, кини үөрбүт сирэйин, хараҕын көрөр олус үчүгэй! Оҕолору кытта дьарыкка үлэм түмүгэ көстөр. Иитиллээччилэрим дорҕоону, тылы сөпкө саҥардахтарына, сыҕарыйыы көһүннэҕинэ – үөрэбин.
– Туох куһаҕанын эбэтэр ыараханын, итэҕэһин көрөҕүнүй?
– Оҕону кытта дьарыктанарага итэҕэстэр бааллар. Холобур, биир ый сылдьаллар, ол кэннэ хайаан да көрдөрүү баар буолуохтааҕын курдук ирдииллэр. Оҕо хайдах кыһалҕалаах кэлэриттэн тутулуктаах буоллаҕа дии. Саҥарар оҕоҕо “Р” буукубаны үөрэтэр буоллахха, 2-3 ыйынан саҥарыан сөп. Оттон олох саҥарбат буоллаҕына, онно, дьэ, хас да сыл үлэлиэххэ наада. Ону сорох төрөппүт өйдөөбөт. Оҕо саҥарара хойутаатаҕына эбэтэр кэһиллии баар буоллаҕына, төрөппүккэ логопед сүбэтэ олус наада. Бу кэмҥэ төрөппүттэр оҕолорун кытта утумнаахтык үлэлииллэрэ, дьарыктыыллара улахан оруоллаах.
– Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр логопед төһө хамнастаах буоларый?
– Логопед төһөнү ылара үлэлээбититтэн тутулуктаах. Бэйэҕин сайыннараргыттан ситимнээх. Биир үөрэҕинэн бүтэн хаалбакка, салгыы өссө үөрэниэххэ наада. Сыл аайы квалификацияҕын үрдэтэн иһиэхтээххин. Холобур, билигин мин биир уруогум сыаната 300 солк.
– Ааҕааччыларга тугу сүбэлиэҥ этэй?
– Төрөппүттэргэ этиэм этэ, бэйэҕит оҕоҕутун атын оҕолорго тэҥнээмэҥ. Оҕо бэйэтэ сайдар. Мин киһиргииллэрин өйдөөбөппүн, “мин оҕом үс сааһыгар саҥарар этэ”, “миэнэ бачча сааһыгар хаампыта” диэни истимэҥ! Оҕото кыайан саҥарбат төрөппүт куттаммакка, логопедка барыахтаах.
Төрөппүттэргэ этиэм этэ, оҕолору кытта элбэхтэ кэпсэтин, кыһыл оҕо эрдэхтэриттэн, арыый улааппытын кэннэ бэйэтэ аһыы сатаатын, ньуоскатун тута бэйэтэ үөрэннин, бэйэтэ таҥыннын. Бастаан ыарырҕатыа, онтон аргыыйдык үөрэниэ. Оҕо оннугар хаампаппыт ди? Саҥарара эмиэ оннук.
Илиитин ыйда да, малы биэримэҥ, кэпсэтиҥ, ыйытыҥ. Тулалыыр эйгэтин кэпсии сылдьыҥ, оҕо ону барытын өйүгэр мунньа сылдьар (пассивный словарь).