Муус устар 8 күнүгэр Үөһээ Бүлүү улууһун Д.С. Спиридонов аатынан 4-с нүөмэрдээх орто оскуолатыгар IX-c өрөспүүбүлүкэтээҕи Мария Ивановна Шамаева аатынан лингвистическэй олимпиада буолла.
Бу олимпиада уратыта — 3 тылынан (сахалыы, нууччалыы, английскайдыы) ыытыллар. Олимпиада бастакы чааһыгар төрөөбүт тылга, нуучча тылыгар уонна английскай тылга үөрэх программатынан анал сорудахтары, өйтөн суруйууну толордубут. Иккис чааһыгар эмиэ үс тылынан бэлэмнэнэн кэлбит тиэкиспитин уустаан-ураннаан, артыыстаан ааҕан иһитиннэрдибит. Улуустан 75 оҕо кытта кэлбит. Биһиги бэһиэ буолан киирэн кытынныбыт. Атын оскуола оҕолоро олус үчүгэй бэлэмнээх кэлбиттэрин сэргии, бэлиэтии көрдүм.
Мин бу олимпиадаҕа бастакыбын 6-с кылааска сылдьан кыттыбытым. Быйыл бүтэһикпин кытынным, тоҕо диэтэххэ, 5-8 кылаас оҕолоругар аналлаах. Бу кыттарбар олус долгуйдум, ол эрээри долгуйбуппун көрдөрбөккө, бэйэм санаабар, олус үчүгэйдик кыттынным. Суругунан үлэҕэ 2-с миэстэ, тылынан кэпсииргэ 2-с уонна түмүккэ холбоон 8-с кылаастарга 2-с миэстэ буоллум. Омук тылынан кыттарбар ыарырҕаппытым. Саха уонна нуучча тылыгар бэйэбэр эрэллээх кыттыбытым.
Маннык тэрээһин киһини сайыннарар, тулуурдаах буоларга, саҕалаабытын тиһэҕэр тириэрдэргэ үөрэтэр дии саныыбын.
Алина Санникова, 8 кыл., Үөһээ Бүлүү, Дүллүкү, «Эрчим» корпост.