“Инникигэ хардыы” научнай-практическай конференцияҕа Нерюнгри куораттан кытта кэлбит Андрей Платонов бэйэтин төрдүн-ууһун олус интэриэһинэйдик үөрэппит.
Чинчийэр үлэтэ “Мин дьиэ кэргэним төрүччүтэ төрөөбүт кыраайым XIX үйэ бастакы аҥаарыгар – XXI үйэ саҕаланыытыгар” диэн ааттаах. Андрей дьиэ кэргэнин төрүччүтүн – Лепчиковтар төрүттэрин-уустарын ахсыс көлүөнэҕэ диэри чинчийбит.
Лепчиковтар өрөбөлүүссүйэ иннинээҕи Саха сиригэр киэҥник биллэр, Илин Хаҥалас улууһугар олорбут аймах. Андрей ол туһунан киһиэхэ тиийэр гына олус боростуойдук кэпсиир. Төһө да алтыс эрэ кылаас үөрэнээччитэ буоллар, историяны наһаа билэр.
Кини хаан-уруу уруу удьуордара Лепчиковтар чахчы да улахан дьон эбит. Лепчиковтар 1886 сыллаахха Илин Сибиир генерал-губернаторын, граф А.П. Игнатьевы Саха сирин уобалаһыгар кэлэ сырыттаҕына Ороссолуодаҕа көрсүбүттэр. Саха норуотун олоҕун-дьаһаҕын укулаатын көрдөрбүттэр. Кэлин ол көрсүһүү буолбут сирэ “Дворянское гнездо” диэн ааттаммыт.
Андрей Платонов сыдьааннарыгар иккис улахан историческай түгэн Прокопий Филиппович Лепчиковы кытта ситимнээх. Санаан көрүҥ – 1895 сыллаахха Прокопий Филиппович Николай II коронациятыгар Саха сирин делегациятын састаабыгар киирэн, бу бэлиэ түгэҥҥэ кыттыыны ылбыт.
1897 сыллаахха Иркутскай генерал-губернатора А.Д. Горемыкин Саха сиригэр кэлэ сылдьыбыт. Генерал-губернаторы Ороссолуодаҕа Прокопий Филиппович Лепчиков төрүт уһаайбатыгар көрсүбүттэр.
Андрей Платонов төрүттэрэ чахчы да Саха сирин сайдыытыгар бэлиэ суолу хаалларбыт аймах буоларын өйдөөтүм. Эдэр чинчийээччини кытта кэпсэтэн элбэҕи биллим.
Алена КСЕНОФОНТОВА,
“Кэскил” медиа-оскуола юнкора, Хадаар, Чурапчы