Эдэртэн эйэтин, аҕам саастаахтан алгыһын ылан
Биһиги оскуолабытыгар үтүө үгэс баар: нэһилиэккэ олорор ытыктанар аҕа саастаахтарбытын кытта шефтэһэр. Бастакыттан уон биирис кылааска диэри сылы быһа оҕолор ытык дьоммутугар көмөлөһөбүт, туохха наадыйалларын ыйыталаһабыт уонна, болҕомто ууран, куруук сибээстэһэбит. Холобура, күһүн туос туостуубут уонна ону А5ам саастаахтар күннэригэр түҥэтэбит. Ол күн дьиэлэригэр баран эҕэрдэлиибит, бэйэбит илиибитинэн оҥорбут бэлэхтэрбитин туттарабыт, сонуммутун кэпсиибит. Саас мас хайытан, саһааннаан, муус уган, тиэргэн ыраастаан көмөлөһөөччүбүт. Кыайыы күнүгэр кылааспытыгар ыҥыран ыалдьыттатабыт, кылаас чаастарыгар кытыннарааччыбыт. Бу маннык сибээстэһэрбититтэн наһаа үөрэллэр уонна махтаналлар.
Нэһилиэкпитигэр аҕам саастаахтар «Айылгы» диэн түмсүүлээхтэр, салайааччынан Винокурова Светлана Петровна үлэлиир. Бу түмсүү көхтөөхтүк нэһилиэк бары тэрээһиннэригэр кыттар, биир санаанан сэргэхтик үлэлииллэр. Бэтэрээннэр бэйэлэрэ сонун тэрээһиннэри ыыталлар, элбэх араас дьарыктары тэрийэллэр, ааксыйаларга кытталлар, бэлэхтэри оҥороллор, бириистэри бэлэхтииллэр. Ол курдук, быйыл элбэх оҕолоох ыалларга «Кэскил» хаһыат сурутуутун бэлэхтээбиттэрэ.
«Айылгы» 2017 сыл түмүгүнэн нэһилиэккэ бастыҥ үлэлээх түмсүүнэн буолбута. Биһиги кинилэр олоххо сырдыгы, кэрэни, үөрүүнү үксэтэллэринэн киэн туттабыт.
Алина Никонова, VIII кылаас.
«Сулустаах эстафета»
Ленинскэй комсомол 100 сылынан биһиги улууспутугар «Сулустаах эстафета» диэн тэрээһин бары нэһилиэктэри хабан ыытылынна.
Комсомол бэтэрээннэрэ улуус нэһилиэктэрин олохтоохторун, оскуола оҕолорун кытта көрсүһүүлэри тэрийдилэр. Уолбаҕа алтынньы 18 күнүгэр буолла. Комсомол кэккэтигэр иитиллибит, элбэх общественнай үлэлэргэ кыттыбыт актыбыыстар М.Д. Матаннанова, К.И. Христофоров, С.С. Игнатьева кэлэн көрүстүлэр, комсомол туһунан кэпсээтилэр. Бэйэбит нэһилиэкпититтэн араас сыллардааҕы көлүөнэ комсомоллар Неустроев Юрий Игнатьевич, Попова Елена Константиновна, Боппосова Анна Петровна, Баишева Сардана Михайловна олус интэриэһинэй комсомольскай эдэр саастарын туһунан сэргэх ахтыылары оҥордулар.
Анна Петровна комсомол сылдьан муспут комсомольскай атрибуттарын, хаһыакка бэчээттэммит түгэннэртэн кырыйыылары, хаартыскалары көрдөрдө, оҕолорго бэлиэ түгэн малларын мунньалларыгар сүбэлээтэ. Сардана Михайловна фестиваллар, субуотунньуктар тустарынан кэпсээтэ, значоктар коллекцияларын көрдөрдө. Комсомольскай ырыа ыллаатылар.
Бу күн оскуола «Ил Ситим» оҕо тэрилтэтин активын оҕолоругар өйдөбүнньүк блокноттары биэрдилэр. Оҕолор аныгылыы флешмоб үҥкүүнэн эҕэрдэлээтилэр.
Комсомол актыбыыстарыгар үөрүүлээх түгэҥҥэ «Комсомол 100 сыла» диэн үбүлүөйндээх мэтээллэри туттардылар.
Сайаана Юнчанова, VII кылаас.
Москваҕа баран кэллибит
Биһиги оскуола оҕолоро алтыа буолан, итиэннэ улуус оскуолаларыттан хомуллан, Тааттаттан барыта 45 үөрэнээччи Россия тэбэр сүрэҕэр, Москва куоракка, алтынньы 10-18 күннэригэр «Фестиваль науки» диэн тэрээһиҥҥэ баран кэллибит.
Бу сүрдээх интэриэһинэй, аныгы ыччаты наукаҕа угуйар, саҥа технологиялары көрдөрөр сыаллаах фестиваль. Манна араас уопуттары оҥорон көрдөрдүлэр, маастар-кылаастарга бэйэбит тутан-хабан, арааһы оҥордубут. Дьикти оҥоһуктар, роботтар быыстапкаларын көрдүбүт. Фокус шоутугар сырыттыбыт. Аныгы наука сайдыытын харахпытынан көрөн астынныбыт.
Фестиваль буолбут сирэ да кэрэхсэбиллээх. Ол курдук үс сиринэн буолла: Москва Ситига, ВДНХ-ҕа, МГУ-га. МГУ олох уруккутунан турар, история кэрэһитэ диэн, аныгылыы матырыйаалынан саҥардыбаттар эбит.
Иллэҥ кэммитигэр Москваҕа күүлэйдээтибит. Аҕа дойду улуу сэриитин музей-пааркатыгар, Измайловскай пааркаҕа, “Москвариумҥа”, «Ква-Ква» аквапааркаҕа, Кыһыл болуоссакка сылдьан, билиибитин хаҥаттыбыт. Киэһээҥҥи Москва устун күүлэйдээтибит. Байкердар фестивалларын сөҕө-махтайа көрдүбүт. Ити курдук биир нэдиэлэ күлүм түргэнник ааста. «Гамма» диэн үс сулустаах гостиницаҕа олордубут.
Москва курдук наһаа кыраһыабай киин куораттаахпытыттан үөрэбит, киэн туттабыт. Улааттахпытына Москваҕа үөрэниэхпитин, олоруохпутун баҕардыбыт. Салайааччыларбытыгар, төрөппүттэрбитигэр, илдьэ сылдьыбыт учууталбыт Саинна Иннокентьевна Рахлееваҕа махталбытын тиэрдэбит.
Алина Никонова, Алгыс Неустроев, VIII кылаас үөрэнээччилэрэ.
Уолба орто оскуолата, Таатта.