Эбэм Харитонова Елизавета Константиновна Хаҥалас улууһун 2 Малдьаҕар нэһилиэгиттэн төрүттээх. Кыра эрдэҕиттэн кыһынын сүөһү көрөн, сайынын хортуоппуйга үлэлээн, “Кыһыл сулус“ колхуоска Аҕа дойду сэриитин саҕана Кыайыы туһугар бары күүстэрин ууран туран көмө буолбуттара.
Эбэм билигин 92 сааһын туолаары сылдьар. Кини сэтинньи ый 11 күнүгэр 1932 сыллаахха урукку Орджоникидзевскай, билигин Хаҥалас улууһун 2-с Малдьаҕар нэһилиэгэр Константин Павлович уонна Елена Васильевна Григорьевтар дьиэ кэргэттэригэр иккис оҕонон төрөөбүтэ. Соҕотох ийэҕэ иитиллэ сырыттаҕына, убайыгар Григорьев Павел Павловичка ииттэрэ биэрбиттэр. Бииргэ төрөөбүттэр бэһиэлэр этэ.
«Буор муосталаах, муус түннүктээх, көмүлүөктээх балаҕаҥҥа олорор этибит. Сэрии буолбутун арыыга сылдьан истибитим. Дьахталлар алаадьылаан дьоннорун атаара, Улахан Ааҥҥа тахсыбыттара. Сэрии кэмигэр оҕуруокка: хортуоппуй, хаппыыста, оҕурсу көрүүтүгэр үлэлээбитим. Кэриэй Дьаакып диэн киһи табах олордоро. 15-16 сааспыттан сүөһү көрүүтүгэр үлэлээбитим. Баҕадьаҕа Павлова Марфалыын тыһаҕас көрбүппүт. Сэрии кэмигэр ас-таҥас олох мөлтөх этэ. Ол да буоллар оҕо-оҕо курдук оонньуур этибит: маайкалыыбыт, сасыһабыт, колхуостаах буола, классиктыыбыт», — диэн уруккуну эбэм кэпсиир.
Эбэм минньигэс алаадьы астаан, күөрчэх оҥорон сиэннэрин, хос сиэннэрин күндүлүүр. Сайын аайы оҕуруот олордон, иистэнэн, күн аайы үлэттэн дьоллонор. Эдэр эрдэҕиттэн үлэттэн толлон турбат, ыраас туттунуулаах, көрсүө-сэмэй майгылаах, чөл олохтоох.
Эһэбин Харитонов Василий Николаевиһы кытта 7 оҕолонон, 14 сиэннэнэн, үгүс хос сиэннэнэн дьоллоохтук олорбуттара.
Эбэм Елизавета Константиновна “Материнская слава” уордьаннаах, сэрии, тыыл бэтэрээнэ, Малдьаҕар 2-с нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо, ону таһынан үбүлүөйүнэй мэтээллэринэн наҕараадаламмыта.
Эбэбин холобур оҥостобун уонна киниэхэ өссө да уһун, дьоллоох олоҕу баҕарабын.
Дархан Тихонов,
М.Е. Васильева аатынан
2-с Малдьаҕар орто оскуолатын
10 кылааһын үөрэнээччитэ