Мэҥэ Хаҥалас Бэдьимэтигэр “Чуораанчык” оҕо саада 50 сааһын оскуола-саад буолан бэлиэтиир. Уларыйыыны сайдыыны кытта ситимнээн, туһалаах өттүн көрөн, үлэни-хамнаһы онно сыаллаан ылыммыт коллектив тэтимин ыһыктыбат, үтүө үгэстэрин салҕыыр, саҥа аарытктары арыйар.
Бу сыллар тухары төһөлөөх элбэх оҕо иитиллэн, кэрэҕэ-үтүөҕэ, билиигэ-көрүүгэ уһуйуллан, үүнэн-сайдан тахсыбыта буолуой? Нэһилиэкпит кэнчээри ыччаттара оскуолаҕа ситэн-хотон, араас идэни баһылаан үлэлии-хамсыы, айа-тута сылдьалларыттан үөрэбит, кинилэринэн киэн туттабыт.
Оҕо саадпыт үбүлүөйүн бэлиэтиир кэрдиис кэммитигэр араас сылларга үлэлээн ааспыт салайааччыларбытыгар, ветераннарбытыгар, үлэбитин өйөөн мэлдьи бииргэ сылдьыбыт төрөппүттэрбитигэр, куруутун тирэх буолар нэһилиэкпит дьонугар-сэргэтигэр истиҥник махтанабыт.
50 саастаах, 50 миэстэлээх
Нэһилиэкпитигэр урукку аҕыс кылаастаах оскуола дьиэтигэр 1970 сыллаахха 25 миэстэлээх оҕо саада аһыллан, оскуола иннинээҕи үөрэхтээһин саҕаламмыта.
Бастакы сэбиэдиссэйинэн Жиркова Ирина Константиновна, бастакы иитээччилэринэн Кычкина Анна Михайловна, Санникова Федора Игнатьевна, ньээҥкэлэринэн Дьячковская Мотрена Николаевна, Неустроева Агафья Иннокентьевна, түүҥҥү ньээҥкэнэн Санникова Аграфена Егоровна прачканан Аргунова Варвара Николаевна, поварынан Санникова Федора Алексеевна, тас үлэһитинэн Сергучева Александра Фомична, хачыгаарынан Сергучев Григорий Петрович үлэлээбиттэрэ. Онтон 1971 сылтан иитээччинэн Федорова Любовь Павловна, ньээҥкэнэн Сергучева Тамара Ивановна, прачканан Баишева Тамара Петровна үлэлии киирбиттэрэ.
Саҥа 50 миэстэлээх оҕо саадын тутуута 1979 сылтан саҕалаан ыытыллыбыта. Акылаатын Бэдьимэ отделениятын тутууга биригээдэтэ биригэдьиир Аргунов Семен Егорович салалтатынан түһэрбитэ, онон биир улахан тутуунан оҕо саада буолбута.
Сэбиэдиссэйдэринэн араас кэмнэргэ үлэлээбиттэрэ:
1970-1972 сс. Жиркова Ирина Константиновна;
1972-1979 сс. Колесова Анастасия Егоровна;
1979-1982 сс. Санникова Федора Игнатьевна;
1982-1991 сс. Неустроева Антонина Иннокентьевна;
1991-2007 сс. Макарова Валентина Васильевна;
2007-2018 сс. Филиппова Матрена Семеновна.
Оскуола-саад — биир тэрилтэ
«Чуораанчык» оҕо саада 2018 сыл балаҕан ыйын 1 күнүттэн орто оскуоланы кытта холбоһон, оскуола иннинээҕи үктэлгэ 16 үлэһит 37 иитиллээччилээх үлэлии олоробут. Сүрүн программабытынан Н.Е. Веракса “От рождения до школы» салайтаран оҕолорго сөптөөх сатабылы, билиини иҥэрэргэ, усулуобуйаны тэрийэн үлэлииргэ дьулуһабыт.
Оскуоланы уонна оҕо саадын холбооһуну ыарыылаахтык ылынарбыт баар суол. Онтон биґиги түбэлтэбитигэр хайдах этэй? Алын кылаас учууталларын кытта улуустааҕы экспериментальнай площадка буолан үлэбитин-хамнаспытын бииргэ дьүөрэлээн, оскуоланы кытта бииргэ кэлбит буоламмыт биир тэрилтэ буолууну түргэнник ылыммыппыт. Оскуола ыытар үлэтигэр оҕолорбут саастарын, дьоҕурдарын, кыахтарын учуоттаан кыттыһабыт.
Методкабинеппытыгар матырыйаалларбытын разделларынан арааран уурталаан, электроннай пособиелары туһанан дьарыктарга, дьарык тас өттүгэр ыытыллар үлэлэргэ туһанабыт. Үгүс сыл айылҕа нөҥүө ыытыллыбыт үөрэхпитин, өбүгэ үгэһин убаастыыр буолууну иҥэрэр иитэр-үөрэтэр үлэбитин салҕыыбыт.
Уһуйааммытыгар эдэр үлэһиттэрэ элбэхтэр. Үлэ-хамнас көхтөөхтүк барарыттан, үлэлэригэр эппиэтинэстээхтик, кыһамньылаахтык сыһыаннаһалларыттан үөрэбит, эдэрдэрбитин хайгыы көрөбүт. Ханнык баҕарар оҕо сайдар эйгэтин тэрийиигэ, бары ыытыллар тэрээһиннэргэ, араас үлэлэргэ педагогтар, техүлэһиттэр диэн арахсыбакка барытын биир сүбэнэн саба түһэн үлэлиирбит үтүө үгэспит. Оскуола-саад буолар уларыйыыны биир бастакынан оҕолорбут сайдыыларын учуоттаан туран ылыммыппыт. Туґалаах өттүн көрөн, үлэни-хамнаһы онно сыаллаан.
“Чуораанчык” бастыҥ иитээччилэрэ
Оскуола-саад буолан холбоспут сылбытыттан үрдүк категориялаах иитээччи Ноева Елена Петровна эдэр педагогтарбытыгар наставник быһыытынан үлэтин ситиһиилээхтик ыытар. Елена Петровна улууска Петерсон методикатынан оҕолорго ахсааны үөрэтиини биир бастакынан киллэрбит, ахсааҥҥа, нуучча тылыгар үлэтин опытын улууска, республикаҕа тарҕаппыт, улуустааҕы педагогическай фестиваль лауреата, улуус биир бастыҥ иитээччитэ. Үлэлээбит сылларын тухары оҕолорун араас таһымнаах күрэхтэргэ, тэрээһиннэргэ сылын аайы кытыннаран кэллэ. Группатын төрөппүттэрин көҕүлээн бука бары «Чуораанчык» сурунаалга сылын аайы суруйтаран, оҕолор саҥаны билэ-көрө сылдьалларыгар, кинигэни сөбүлээн ааҕар оҕолору иитэн таһаарыыга төрөппүттэрин кытта бииргэ үлэлиир. Ааспыт үөрэх дьылыгар Бүтүн Арассыыйатааҕы «Мир профессий» олимпиадаҕа 2 оҕото, “Математика олимпиадатыгар 5 оҕото, «Биһиги кормушка оҥордубут» куонкуруска 1 оҕото бастаан оҕолор, төрөппүттэр үөрүүлэрэ улахан. Хорообут КМО-тун ахсааҥҥа ыытыллыбыт олимпиадатыгар 3 оҕото 3 бастакы миэстэни ылары ситиспиттэрэ. Улуустааҕы дуобат күрэхтэһиитигэр иитиллээччитэ 3 миэстэ буолбута.
“Чуораанчык” бастыҥ иитээччилэрэ
Оскуола-саад буолан холбоспут сылбытыттан үрдүк категориялаах иитээччи Ноева Елена Петровна эдэр педагогтарбытыгар наставник быһыытынан үлэтин ситиһиилээхтик ыытар. Елена Петровна улууска Петерсон методикатынан оҕолорго ахсааны үөрэтиини биир бастакынан киллэрбит, ахсааҥҥа, нуучча тылыгар үлэтин опытын улууска, республикаҕа тарҕаппыт, улуустааҕы педагогическай фестиваль лауреата, улуус биир бастыҥ иитээччитэ. Үлэлээбит сылларын тухары оҕолорун араас таһымнаах күрэхтэргэ, тэрээһиннэргэ сылын аайы кытыннаран кэллэ. Группатын төрөппүттэрин көҕүлээн бука бары «Чуораанчык» сурунаалга сылын аайы суруйтаран, оҕолор саҥаны билэ-көрө сылдьалларыгар, кинигэни сөбүлээн ааҕар оҕолору иитэн таһаарыыга төрөппүттэрин кытта бииргэ үлэлиир. Ааспыт үөрэх дьылыгар Бүтүн Арассыыйатааҕы «Мир профессий» олимпиадаҕа 2 оҕото, “Математика олимпиадатыгар 5 оҕото, «Биһиги кормушка оҥордубут» куонкуруска 1 оҕото бастаан оҕолор, төрөппүттэр үөрүүлэрэ улахан. Хорообут КМО-тун ахсааҥҥа ыытыллыбыт олимпиадатыгар 3 оҕото 3 бастакы миэстэни ылары ситиспиттэрэ. Улуустааҕы дуобат күрэхтэһиитигэр иитиллээччитэ 3 миэстэ буолбута.
Эрэллэрбит — эдэрдэрбит
Эдэр педагогтарбыт хас биирдиилэрэ туспа суоллаах-иистээх, дьоҕурдаах- талааннаах дьон, билиилэрин-көрүүлэрин, кыахтарын, сатабылларын ууран үлэлэрин ситиһиилээхтик саҕалаабыттара. Ол курдук А.И. Герцен аатынан университет выпускницата Санникова Сахаайа Артемьевна улуустааҕы оскуола иннинээҕи тэрилтэлэр педагогическай фестивалларыгар ситиһиилээхтик кыттан икки сыл субуруччу дипломант буолары ситиспитэ. Елена Петровналыын оҕону үлэнэн иитиигэ үлэлэрин сырдатан улуустааҕы научнай педагогическай конференция дипломаннара. «Чуораанчык» сурунаал ыыппыт уруһуйун быыстапкатыгар Сахаайа Артемьевна 3 оҕото, «Наследие Юнеско в России» конкурска 2 оҕото кыттан миэстэлэспиттэрэ. Бүтүн Арассыйаатааҕы экологическай куонкуруска 3 оҕону ситиһиилээхтик кытыннарбыта. Норуоттар икки ардыларынааҕы «Всезнайка» олимпиадаҕа 10 иитиллээччитэ бириистээх миэстэлэри ылары ситиспиттэрэ.
Баишева Анастасия Викторовна музыкальнай салайааччы быһыытынан үлэтэ кэккэ ситиһиилэрдээх. Кэтэхтэн республиканскай «Көмүс ыллык» ырыа күрэҕэр 2 оҕото лауреат, триота 1 степеннээх дипломант, «Олоҥхо оҕото» конкурска 1 оҕото дипломант, «Колокола памяти» гран-при, «Бриллиантовые нотки» 3 степеннээх лауреат, «Твой успех» 3 степеннээх дипломант аатын ылбыттара. Елена Петровналыын музицированиеҕа бэлэмнээбит нүөмэрдэрэ улуус көрүүтүгэр 1 степеннээх лауреат, «Току-току ньээм-ньээм» конкурска 1 степеннээх дипломант. Маны таһынан «Чуораанчык» сурунаал ыытар араас куонкурустарыгар оҕолоро ситиһиилээхтик кыттаннар грамоталарынан наҕараадаламмыттара. Дьиэ кэргэҥҥэ оҕону үлэнэн иитиигэ үлэтин сырдатан улуустааҕы научнай педагогическай конференцияҕа ситиһиилээхтик кыттыбыта.
Андросова Александрия Егоровна үлэҕэ киириэҕиттэн төрөппүттэрин кытта ыкса үлэлэһэн оҕолор араас үҥкүү, мода конкурстарыгар, фестивалларыгар кыттан оҕо саадпытыгар саҥа сүүрээни киллэрбит иитээччибит. Анастасия Викторовналыын оҕолору аһаҕас республиканскай «Танцевальный микс» фестивальга кытыннараннар, фитнес-аэробика±а, коллективнай композиция±а, эстраднай үҥкүүгэ оҕолорбут лауреат буоланнар үөрэн-көтөн кэлбиттэрэ. «Кэрэли» модатын театра VII республиканскай «Бастакы хардыылар» фестиваль конкурска «Өбүгэ тойуга» коллекцияларынан, «Күн бытархайдара» бөлөҕө сахабохо таҥаһынан лауреаттар. Улуустааҕы «Кыһыҥҥы оһуордар» уруһуй конкурсугар 2 иитиллээччитэ 2 миэстэ буолбуттара. Норуоттар икки ардыларынааҕы «Лига эрудитов» конкурска 2 оҕото бастаабыттара. Бүтүн Арассыйаата±ы «Бу дьикти кыыллар» викторинаҕа 4 оҕото бириистээх миэстэҕэ тиксибиттэрэ. Улуустааҕы научнай педагогическай конференцияҕа ситиһиилээхтик кыттыбыта.
Поскачина Айна Александровна биһи уһуйааммытыгар 2 сылын ситиһиилээхтик үлэлии сылдьар. Оҕолоро улуустааҕы «Кыһыҥҥы оһуордар», «Туйаарыскай айымньыларыгар уруһуй», республиканскай заочнай П. Тобуруокап хоһооннорун уустаан-ураннаан ааҕыы конкурстарыгар кыттан сертификаттары, грамоталары туппуттара, сэриигэ сылдьыбыт суруйааччылар хоһооннорун ааҕыыга «Саамай кырачаан этээччилэр» номинацияны ылбыттара.
Иитээччилэр билиҥҥи олох хаамыытыгар сөп түбэһиннэрэн бэйэлэрин билиилэрин кэҥэтэллэр, сайыннараллар, курстарга, семинардарга сылдьаллар, үөрэнэллэр, кытталлар, опыттарын улууска, республикаҕа тарҕаталлар. Төрөппүттэрин кытта оҕо дьоҕурун, сатабылын, тугу сөбүлүүрүн, кэрэхсиирин таба көрөн сайыннарарга бииргэ үлэлииргэ дьулуһаллар. Аныгы технологияны сөптөөхтүк баһылаан үлэлэригэр киэҥник тутталлар.
Үлэ усулуобуйатын тэрийэр сүрүн дьоммут
Үлэ усулуобуйатын тэрийэр, оҕону иитиигэ олук уурсар, улахан кылааттарын киллэрсэр чуолкай үлэлээх биир сµрµн дьоммутугар махтал тылларын тиэрдэбит. Завхозпут Сергучева Римма Иннокентьевна, ыраас туттунуулаах биһиги иитээччигэ көмөлөһөөччүлэрбит Данилова Татьяна Алексеевна, Захарова Саргылана Васильевна, Игнатьева Сардана Семеновна, Чемезова Елена Гаврильевна, минньигэс астаах повардарбыт Сергучева Елена Федотовна, Сергучева Римма Иннокентьевна, сатабыллаах илиилээх гигиениспыт Афанасьева Евдокия Ивановна, түргэн-тарҕан туттунуулаах прачкабыт Аргунова Римма Николаевна, уһуйааммыт эдэр үлэһитэ Чемезова Евдокия Петровна кырачааннарбыт тустарыгар истиҥ кыһамньыларын, болҕомтолорун ууран көхтөөхтүк үлэлииллэр. Харабылларбыт Владимиров Александр Михайлович, Варламов Виктор Семенович, Колесов Константин Иннокентьевич ис-тас үлэни тэҥҥэ тутан үтүө суобастаахтык үлэлии сылдьаллар.
***
Ити курдук үтүөҕэ-кэрэҕэ, билиигэ-көрүүгэ сирдиир, угуйар үлэбит салҕанар. Урукку тэтими ыһыктыбакка, үтүө үгэстэри салҕаан оскуола-саад коллектива буолан иитии-үөрэтии оҥкулларын бииргэ дьүөрэлээн үлэлии олоробут.
Матрена Семеновна Филиппова, старшай иитээччи, “Чуораанчык” оҕо саада, Бэдьимэ, Мэҥэ Хаҥалас.