Бастакы чиэппэр сынньалаҥын оскуола үөрэнээччилэрэ туһалаахтык атаардылар. Хадаар нэһилиэгин ыала үксэ кэтэх хаһаайыстыбалаах. Онон оҕолор саах күрдьэн, хотоҥҥо ынах долбуругар от киллэрэн, ойбоҥҥо сүөһү уулатан дьонноругар көмө буолаллар.
Идэһэ кэмигэр сүөһү өлөрсөн, ис сууйсан, ас-үөл хантан кэлэрин билэ үөрэнэллэр.
Маны тэҥэ билигин муус ылааһынын кэмэ. Тыа ыала сыл устата иһэр ууларын хааччыналлар. Маныаха эмиэ көмө дьоно оҕолор буолаллар. Бэйэлэригэр эрэ буолбакка, кырдьаҕастарга муустарын булууска угарга көмөлөһөллөр.
Сэтинньи – муҥха кэмэ. Оскуола оҕолоро муҥхаҕа көхтөөхтүк кытталлар. Илии-атах буоланнар, эбэ бэлэҕин тэҥҥэ үллэстэн дьиэлэригэр илдьэн ийэлэрин, аҕаларын үөрдэллэр.
Маны тэҥэ дьиэ ис-тас үлэтэ – мас кыстааһына, муус киллэрээһинэ, хаар күрдьүүтэ оҕолор көмөлөрө суох буолбат. Ити курдук тыа сирэ барахсан оҕону үлэҕэ үөрэтэр. Үчүгэйэ диэн нэһилиэкпитигэр атын сиргэ олорор оҕолор – сиэннэр, аймахтар кэлэннэр дьонноругар көмөлөһөн, сынньалаҥнарын туһалаахтык атааран бараллар.
Онон Хадаар нэһилиэгин олохтоохторо сүөһүлээх-астаах буолан, «кыра эрдэххиттэн үлэлии үөрэнэ улааттаххына эрэйи көрүөҥ суоҕа» диэн ыччаттарын үлэҕэ үөрэтэллэр.
Алена КСЕНОФОНТОВА, VIII кылаас,
С.Д. Флегонтов аатынан Хадаар орто оскуолата, Чурапчы