Мин 16 саастаахпын. Сайын аайы кылааһым оҕолоро бары араас сиринэн тарҕаһан хаалаллар: ким дэриэбинэҕэ сайылыы, ким лааҕырга сынньана, ким соҕуруу күүлэйдии. Мин эрэ уһун сайыны быһа куорат кыараҕас кыбартыыратыгар таах мээнэ олоробун. Ол иһин бу кэлэр сайын харчылаһа таарыйа үлэлээри гынабын. Холобур, оптуобуска кондукторынан дуу эбэтэр тэрилтэҕэ муоста сууйааччынан дуу. Биитэр маҕаһыыҥҥа атыыһытынан. Оннук көҥүллэнэр дуо? Хас саастан хамнас төлөнөр?
Света, Дьокуускай.
СӨ Оҕо быраабыгар боломуочуйалаах аппаратын старшай референэ Нюргуяна Алкивиадовна Иванова хоруйдуур:
—Сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолор үлэлииллэригэр кэккэ ирдэбиллэр уонна хааччахтар бааллар. Холобура, үлэ оҕо доруобуйатыгар буортуну аҕалыа, өйүгэр-санаатыгар, майгытыгар-сигилитигэр охсууну оҥоруо суохтаах, үлэлиир усулуобуйата үчүгэй буолуохтаах. Ол курдук, түүҥҥү кэмҥэ, ыараханы сүгэр, көтөҕөр таһаҕасчытынан, куһаҕан сыты, сүлүһүннээх тобоҕу, дьааттаах буруону таһаарар фабрикаларга, собуоттарга, о.д.а. оҥорон таһаарар тэрилтэлэргэ үлэлиирэ БОБУЛЛАР. Аны туран, үлэтэ үөрэҕэр мэһэйдиэ суохтаах. Ол иһин маннык нуорма баар:
- 14-16 диэри саастаах оҕо оскуолаҕа үөрэнэ-үөрэнэ үлэлиир буоллаҕына, нэдиэлэҕэ барыта холбоон 12 чаас үлэлиэхтээх. Оттон 16-18 саастаахтар – 18 чаас;
- уһун өрөбүл (каникул) кэмэ буоллаҕына, 14-16 саастаахтар нэдиэлэҕэ барыта 24 чаас, оттон 16-18 саастаахтар — 35 чаас.
Өскөтүн эһиги булбут үлэҕит ити үөһэ эппит хааччахтарбар киирсибэт, уопсай туруккут үчүгэй, сатаан кыайар буоллаххытына, оччоҕуна сайыҥҥы сынньалаҥҥыт кэмигэр үлэлииргит хайҕаллаах. Дьиэ кэргэҥҥитигэр эбии дохуот аахсаҕыт, бириэмэҕитин туһалаахтык атаараҕыт уонна, мин тус бэйэм санаабар, идэни талыы, үлэни тэрийии, кэлэктиип туһунан өйдөбүлү ылаҕыт.
Эн 16 саастааххын, онон үлэҕэ киирэргэр үлэнэн хааччыйааччыгын кытта үлэ дуогабарын түһэрсэҕин. Онно хамнаһыҥ, хаһы уонна хаһан төлүүллэрэ, икки өттүттэн туох эбээһинэстээххит, хайдах быһыылаахтык, туох услуобуйаҕа үлэлиириҥ туһунан барыта ыйыллыахтаах. Ол дуогабарга этиллибити хайаҕыт да кэһиэ суохтаах. Ити тэрилтэҥ эйиэхэ үлэ киниискэтиҥ арыйыахтаах.