Быйылгы үөрэх дьылыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Үлэ Сыла биллэриллибитинэн, биһиги оскуолабыт көҕүлээһининэн, оҕолор кыттыылаах элбэх көмө үлэ ыытылынна. Аҕам саастаахтар декадаларыгар бука бары кылаастарынан биирдиилээн кырдьаҕастарга, оскуола ветеран үлэһиттэригэр, эбээлэргэ, эһээлэргэ тимуровскай көмө оҥоһуллубута. Ол курдук, оттук мас хайытан сааһылааһын, муус ылыы, тиэйии, кыстыкка киирэргэ бэлэмнэнии үлэлэр бэрт көдьүүстээхтик ыытыллыбыттара. Аҕам саастаахтарбыт үөрүүлэрэ, махталлара үгүс.
Быйыл биһиги нэһилиэкпитигэр саҥа оҕо саада, МКДС дьиэтэ, оҕо оонньуур былассаакката курдук социальнай суолталаах тутуулар үлэҕэ киирдилэр. Биһиги оскуола оҕолоро ыытыллар субуотунньуктарга туора турбакка, барытыгар кытынныбыт. Ол курдук оҕо саадын былассааккатын хаарын ыраастыырга, саҥа миэбэл таҥыытыгар 9-11 кылаас уолаттара улахан дьону кытта тэҥҥэ сырыттылар. МКДС дьиэтигэр тутуу матырыйаалын сүөкүүргэ, сааһылыырга, оҕо оонньуур былассааккатын турар миэстэтин ыраастыырга оҕолор көмөбүт үгүс.
Сылын аайы нэһилиэкпит иһинэн ыытыллар «Чистый четверг» акция чэрчитинэн, оскуола үлэһиттэрэ, оҕолор территориянан арахсан, оскуолабыт тулатын, уулуссалары, дойдубут саамай кэрэ сирин — мыраан үрдүн ыраастыыбыт. Бу маннык көхтөөх субуотунньуктар кыра кылаастан оҕо төрөөбүт дойдутун таптыы, ытыктыы, айылҕаны харыстыы үөрэнэригэр олус үчүгэй суолталаахтар.
Сааскы тэрээһин үлэлэр: хаар түһэриитэ, муус хаһааныыта буолар. Биһиги оҕолор бу үлэттэн туора турбакка көмөбүт элбэх. Улахан кылаас уолаттара кыттыылаах СВОҕа сылдьар биир дойдулаахтарбыт дьиэ кэргэттэригэр муус ылыыга уонна хаһааныыга көмөлөстүбүт.
Бу курдук нэһилиэкпит иһигэр ыытыллар араас үлэлэргэ көхтөөхтүк кыттабыт, нэһилиэкпит инники сайдыытыгар, үүнэн-сайдан тупсарын туһугар бэйэбит кылааппытын киллэрэбит. Үлэҕэ көхтөөх буолуу, эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһыы хаһан баҕарар үчүгэй түмүктээх буолар. Норуот күүһэ – көмүөл күүһэ!
Матырыйаалы суруйда 6 кылаас үөрэнээччитэ Дамир Максимов,
2-с Хомустаах нэһилиэгэ, Нам.