Ил Дархан ыйааҕынан 2023 сыл өрөспүүбүлүкэҕэ Үлэ сылынан биллэриллибитэ. «Үлэ киһини киэргэтэр» диэн бэртээхэй өс хоһооно баар. Бу өс хоһооҥҥо тирэҕирэн, мин бииргэ төрөөбүт убайбыт туһунан суруйуом этэ. Кини аата — Аммосов Ньургун. Кини биһиги бииргэ төрөөбүт 8 оҕоттон саамай улахан уол буолар. Олоҕун аргыһа Зарияналыын туспа дьиэ кэргэннэр. Кинилэр биэс кэрэчээн кыргыттардаахтар.
Ньургун кыра эрдэҕиттэн үлэлээн, ийэлээх аҕатыгар илии-атах буолара. Билигин Верхоянскай уонна Боронук ЖХК тэрилтэтигэр тырахтарыыһынан үлэлиир. Кини үлэтэ олус наадалаах, туһалаах дии саныыбын. Маннык тыйыс тымныы усулуобуйаҕа олорор буоламмыт, үлэлиир үөрүйэх олус улахан суолталаах. Билигин үгүс ыал дьиэтэ сылытар систиэмэлээх, ол иһин тыраахтарынан чох тиэйии олус наадалаах.
Аны бу сайын улахан айылҕа быһылаана, баһаар, буолбута. Онон ол кэнниттэн суол-иис улаханнык алдьанан, убайым суол оҥоһуутугар үлэлээбитэ. Соло булан, дьоҥҥо кыһын-сайын оттообут отторун-мастарын эмиэ тиэйэр.
Мин убайбынан киэн туттабын. Кини бэйэтин төрөөбүт дойдутугар хаалан, дьонугар күүс-көмө буола сылдьар. Кини бэйэтин үлэтин олус сөбүлүүр. Маннык ыарахан үлэни киһи эрэ барыта кыайбат дии саныыбын. Ыарахан үлэни кыайарга тулуурдаах, күүстээх-кыахтаах буолуохха наада. Онон бу сыл Үлэ сылынан биллэриллибитэ олус киэҥ суолталаах дии саныыбын. Хас биирдии киһи үлэтэ улахан суолталаах, ханнык баҕарар үлэ барыта наадалаах.
Оксана Аммосова, IX кылаас.
Боронук, Дьааҥы.