Мин оҕо эрдэхпиттэн уруһуйдуурбун сөбүлүүбүн, кыралаан уһанабын. Бу сайын оҥоһуктарбын атыылаан көрөргө санаммытым. Өйөнөрө суох олоппос (табурет) уонна сибэкки иһитэ (кашпо) оҥорбутум. Олоппос оҥорорбор үрдүгүн мээрэйдээн баран, атаҕын тыһытын-атыырын оҥорон баран, холбуу бэйэ-бэйэтигэр килиэйдиибин, ол кэнниттэн быанан хамсаабат гына туттаран, биир суукка устата куурдабын. Иккис күнүгэр килиэйэ хаппытын кэннэ шкуркалыыбын, олоппос сирэйин фанеранан быһан, шуруптарынан туттарабын. Биир олоппоһу икки-үс күн оҥоробун.
Сибэкки иһитин көстүүтэ үчүгэй буоллун диэн таба, кыталык курдук быһыылаан оҥорбутум. Кынаттарын фанеранан оҥоробун. Кынатыгар араас оһуор уруһуйдаан баран, бастаан үүттүүбүн, уонна лобзигынан быһабын, онтон кырааскалыыбын.
Бу сайын уопсайа 21500 солк. харчы киллэрдим, итинтэн ыраас дохуота 16981 солк. буолан наһаа соһуйбутум, үөрбүтүм. Бу үлэм туһунан дакылаат суруйан, «Инникигэ хардыы» НПК 3 миэстэ ыллым. Салайааччым Елена Прокопьевна Захарова. Киниэхэ улахан махталбын тиэрдэбин.
Петя Платонов, 10 кылаас, Эмис орто оскуолата.