Үлэ Геройа Михаил Николаевич Готовцев үөрэммит оскуолатын оҕолоругар соһуччу бэлэх оҥордо. Нэһилиэк элбэх оҕолоох ыалларыгар дьиэҕэ олорон үөрэнэргэ табыгастаах усулуобуйаны тэрийсэн, үөрэнээччилэргэ смартфоннары тиэрдитэлээтэ.
Оскуола директора Надежда Михайловна Егорова бэлэҕи туттарда. Оҕолор да, төрөппүттэр да үөрүүлэрэ үксээтэ. Светлана Владимировна уонна Руслан Петрович Сидоровтар 3 оҕолоохтор. Кыралара Уйгун 1 кылааска үчүгэйдик үөрэнэр. Сидоровтар улаханнара аармыйаҕа сулууспалыыр, ортолоро 8-с кылаас үөрэнээччитэ.
«Уйгун наһаа үөрэн, ис сүрэҕиттэн баҕаран, төрдүс күнүгэр номнуо үөрэннэ,» — диэн ийэтэ кэпсиир. Ыал аҕата олох-дьаһах коммунальнай хаһаайыстыбатын тэрилтэтигэр хачыгаардыыр, ийэлэрэ доруобуйатынан хааччахтаах буолан үлэлээбэт. «Михаил Николаевич холобуруттан сиэттэрэн дьон бэйэ-бэйэтигэр үтүө сыһыана, көмөлөсүһэр баҕата элбиэн баҕарабын,» — диэн суруйар Светлана Владимировна.
Оттон Окоемовтар 5 оҕолоохтор. Икки улахан туспа ыаллар, биир уол устудьуон, кыралар — оскуола дьоно. Семён Афанасьевич туох да үлэттэн толлон турбат, быстах үлэ көһүннэ да ылсан иһэр. Ийэлэрэ Зоя Владимировна кырдьаҕас аҕатын көрөр буолан, билигин Өлүөхүмэҕэ баран олорор. Люба 9 кылааска үөрэнэр, гуманитарнай предметтэргэ ордук үчүгэй. Психолог идэтигэр үөрэххэ туттарсыан баҕарар.
Эһэтин аатынан ааттаммыт Афоня 5 кылааска үөрэнэр, спортка дэгиттэр. Ол эрээри, мас тардыһыытынан ордук сөбүлээн дьарыктанар.
Үлэ уонна үөрэх Михаил Николаевич кыра эрдэҕиттэн өрө туппут үөрүйэхтэрэ. Байаҕантай нэһилиэгин оскуолатын кэнниттэн производствоҕа үлэлээн баран, Ленинградтааҕы ветеринарнай институкка үөрэнэ киирэр. Ити үлэлии барбыттара уостан-уоска сылдьар туспа кэпсээн. Оскуоланы бүтэрэллэрин чугаһыгар дойду үөрэҕириитин систиэмэтигэр эмиэ улахан уларыйыылар киирэллэр. Холобур, 1962 сыллааха оскуоланы бүтэрбит оҕолор 87 %-нара үрдүк үөрэххэ киирэр буоллахтарына, 1965 сылга 63 %, 1970 сылга 35-% буолбут. Регионнарга, улахан куораттарга кытта производствоҕа сыһыаннаах үөрэтии үксүүр. Онон 1966 сыллаахха Михаил Николаевичтаах оскуоланы бүтэрээт “Оскуола, производство, үрдүк үөрэх”’ ыҥырыынан салайтаран, колхоз 4 биригээдэлэринэн сүнньүнэн сүөһү үлэтигэр тахсаллар. Бу туһунан биһиэхэ Герой үөлээнээҕэ, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, “Учууталлар учууталлара” анал ааттаах Иван Петрович Матвеев кэпсээтэ. Кини маннык сэһэргиир. “Тандаҕа бэһиэ буолан Табалаахха субай сүөһү көрүүтүгэр анаммыппыт. Кривошапкина Акулина Романовна, Егорова Любовь Тимофеевна, Кривошапкина Екатерина Иннокентьевна, Готовцев Михаил Николаевич уонна мин Матвеев Иван Петрович. Фермабыт аата суох этэ.
Михаил Николаевич уҥаттан төрдүс турар.
Миша Үлэ Геройа, Акулина кэлин кооперация үлэһитэ, ССРС кооперациятын туйгуна, Любовь РФ үтүөлээх учуутала, СР-тын үөрэҕириитин, оҕо спордун туйгуна буолбуппут. Катя агроном идэлэммитэ, эдэр сааһыттан ыарытыйар этэ. Кини билигин суох.”.
Кэлин кинилэр бачыымнарын өйөөн, Тандаҕа “Мечта” ыччат комсомольскай фермата баар буолбута. Герой холобур буолар харса суох үлэтэ бу ферманы кытта сайдыбыта. Кинини билэр дьон Михаил Николаевич ааҕар үөрүйэҕэ элбэх билиини биэрбитин куруутун бэлиэтииллэр. Ханнык да тиэмэҕэ — бастыҥ сэһэргэһээччи. Чахчы үөрэх-билии ханнык да реформаҕа киһиттэн бэйэтиттэн тутулуктаах буоларын биир бастыҥ холобура.
Бэйэбит инф.