Агрооскуола хайыскалаах Сунтаар 2 нүөмэрдээх оскуолата күннэрэ кус-хаас саҥатынан, бөтүүк хаһыытынан саҕаланар. Манна оҕолор үлэ үөрүйэҕэр үөрэнэллэр. Оскуола ферматыгар кус, хаас арааһа, ону тэҥэ кроликтары иитэллэр.
Үөрэнээччилэр кыһамньыларынан көтөрдөр мэлдьи тоттор, сымыыт күн ахсын биэрэллэр. Иитиллэр дьиэлэрэ ыраас, сып-сылаас. Кустарын инкубаторынан таһаарбыттар. Сайын аттынааҕы күөлгэ уйалыыллар.
Кыһыҥҥы теплицаҕа быйылгы рассадалар номнуо ситэн тураллар. Гидропоника ньыматын туһанан аҥаардас силиһинэн, уунан аһыыр үүнээйилэр түргэнник ситэллэр. Кыһыҥҥы тымныыларга теплица сып-сылаас, температура 90 кыраадыска диэри сылытар, күн уотун солбуйар анал лаампалар ыйаммыттар.
Айымньылаах оскуола үлэтэ хамнаһа, кэҥии сайда турдун!
Сунтаар 1 №-дээх оскуолатын медиакиинэ.