Кэрэ кэскил кыраайдаах Кэбээйи улууһа үлэни эрэ аргыс оҥостубут, олох сайдыытыгар сэмэй кылааттарын уурсубут үгүс дьонун куруук киэн тутта ааттыыр.
Саха киһитэ – айылҕа оҕото, сүөһүтэ-аһа суох кэхтэр. Ол курдук, Тыа сирин үлэһиттэрин олохторун уйгутун тупсарар, тыа хаһаайыстыбатын үлэтин-хамнаһын төрдүттэн уларыта тутар сыалтан, 1961 сыллаахха Саха АССР территориятыгар баар холкуостар базаларыгар сопхуостар тэриллибиттэрэ. Республикаҕа 40 саҥа хаһаайыстыба баар буолбута, олор ортолоругар Кэбээйигэ эмиэ тэриллибитэ. 70-с сылларга Мукучу, Сииттэ, Куокуй нэһилиэктэригэр туспа сопхуостар баар буолбуттара.
2021 сылга Кэбээйи сопхуос тэриллибитэ 60 сылын бэлиэтээбиппит.
Оччолортон билиҥҥи сайдыылаах кэммитигэр тиийэ төһөлөөх элбэх үлэһит киһи дьон-сэргэ туһугар, үлэ-хамнас үөһүгэр олорон кэлбиттэрэ буолуой. Биһиги Левиттэр халыҥ аймахтар үлэ династиятын салҕыыбыт. Хос-хос эбэм Баишева Екатерина Прокопьевна олоҕун тухары сүөһү иитиитигэр үтүө суобастаахтык үлэлээн кэлбитэ.
Бүгүн мин сиһилии кэпсиир ыалым эдэр саастарыттан сопхуос, ферма ис-тас үлэтигэр илиилэрин араарбакка, ис дууһаларыттан кыһаллан, сүөһү-ас үксүүрүн, эт-арыы дэлэйэрин туһугар үлэлээбит дьон. Бу Кэбээйи олохтоохторо, мин эбэлээх эһэм Аксинья Васильевна уонна Егор Егорович Левиттэр буолаллар.
Левиттэр — Кэбээйи улууһун, ниэһилиэгин биир биллэр-көстөр, киэн туттар халыҥ аймахтар буолаллар.
Аксинья Васильевна салайар “Ворошилов” бааһынай хаһаайыстыбата сылтан сыл аайы үүнэ-сайда турар. Бу хаһаайыстыба 2004 сыллаахха тэриллиитигэр түөлбэлээн олорор Ворошилов учаастагын сүөһүлээх-астаах төрүт олохтоохторо тирэх буолбуттара.
Ворошилов учаастак сүрүн дьарыгынан хороҕор муостаах сүөһүнү иитии буолар. Сылын ахсын 400-чэкэ ынах сүөһүнү хас да сиринэн көрөн-истэн туруораллар. Кыһыннары-сайыннары үлэлиир хотонноохтор, олорор дьиэ-уот, гараж, хотон иһигэр банкеттыыр саала, суунар душевой хос, бильярдыыр хос баара киһини сөхтөрөр.
Левина Аксинья Васильевна Кэбээйи сопхуоска өр кэмҥэ доярканан, сүөһү көрөөччүнэн, онтон биригэдьииринэн үлэлээбитэ. Бу ылбыт үөрүйэҕин туһанан күн бүгүн Саха сиригэр биир биллэр ферма, улахан хаһаайыстыба тэринэн, Кэбээйи олохтоохторугар эбии үлэ миэстэтин биэрэн үлэлэлэтэ сылдьаллар.
Аксинья Васильевна уонна Егор Егорович биэс оҕолоох ыал. Икки уола уонна кыргыттара кыра эрдэхтэриттэн ферма үлэтигэр ыкса сыстан улааппыттара, билигин бэйэлэрэ туспа хаһаайыстыба тэринэн таһаарыылаахтык үлэлии сылдьаллар.
Ворошилов бааһынай хаһаайыстыбата сөптөөхтүк дьаһанан, республика тыатын хаһаайыстыбатынан көрүллэр 6 мөлүйүөннээх, кэлин эбии 4 мөлүйүөннээх граннарын, субсидияларын туһанан, республикаҕа биллэр биир бастыҥ хаһаайыстыба буолла.
Олох биир сиргэ турбат, хаһаайыстыба иннин диэки сайдан-улаатан иһэр. Тыа сирин боростуой үлэһит ыала Левиттэр оҕолоро үлэһит дьон буолан, сылтан сыл аайы улаатыннара, хайысхаларын кэҥэтэ сылдьаллар.
Улахан уол Левин Андрей Егорович саҥалыы дьаһанан Сүрэх учаастагар ниэһилэккэ иккис улахан Кэбээйи диэн бааһынай хаһаайыстыбаны үлэлэтэ олорор. 200 миэстэлээх саҥа хотонноох.
Левин Егор Егорович сыспай сиэлээх сылгыны үөрдээн иитиинэн дьарыктанар. Начинающай фермер күрэххэ грант сүүйэн, 5 үөр сылгылаах.
Кыргыттара үөрэхтэхрин бүтэрэн, киин сиртэн көһөн кэлэн, эмиэ туора турбакка дөкүмүөн, бородууксуйаны атыыга ыытыы үлэтинэн эппиэтинэстээхтик дьарыктналлар.
Бу үс хаһаайыстыбакка Сайынын бииргэ оттоон, билигин халыҥ сиэннэрин от, сүөһү үлэтигэр сыһыараллар, үлэнэн холобурдаан иитэллэр.
Сыл түмүгэр үлэ-хамнас уопсай түмүгүнэн, үлэһиттэри наҕараадалыыллар, чиэстииллэр.
Онон, эбэлиин-эһэлиин, оҕолуун-уруулуун, сиэнниин нэһилиэк сайдарын туһугар бары кыахтарын, сатабылларын биэрэн туран үтүө суобастаахтык үлэлии-хамсыы сылдьаллар.
“Эдэр ыччат, биир дойдулаахтаргыт курдук курдук бэйэни харыстаммакка үлэлээн, сылайары-элэйэри умнан, ыарахаттары мэһэйдэри туораан кэлэр кэскилгитин оҥостуҥ» диэн эбэм тылларынан түмүктүүбүн.»
Виолетта Левина, 9 кылаас
«Дьоҕур» медиакиин, Кэбээйи орто оскуолата.